ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тугут

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы оленёнок до года

1 аат тыл #

Бииригэр диэри саастаах таба оҕото

Нууччалыы Оленёнок до года

  • Кыракый тугут чох хара харахтарынан Аагалаах диэки махтаммыттыы көрүтэлиир.
    Т. Сметанин
  • Сотору бастакы тугуттар төрөөбүтүнэн барыахтара.
    В. Протодьяконов
  • Өйдөөн көрдөххө тугуттар эмиэ оҕолор курдук араас буолар эбиттэр. Улуро Адо (тылб.)

2 даҕааһын #

суолт. Таба оҕотун тириититтэн тигиллибит, оҥоһуллубут, быыһык

Нууччалыы Сшитый, сделанный из меха молодого оленя, пыжиковый

  • Чурумчуку бэйэтэ Чубуку бэргэһэлэннэ, Тугут истээх соннонно. Эллэй. [Максим] тугут бэргэһэтин устан, сонун сиэҕинэн сүүһүн көлөһүнүн сотунна.
    Л. Попов
  • Тугут саҕынньах кэтэн Туотарыйа сүүрэбин
    И. Эртюков

3 этии #

Нууччалыы Выкидывать оленёнка недоношенным (о самке оленя). [Табалар] мэччирэҥ хаара чиҥээтэҕинэ тоҥоллор, ол содулуттан уулаах тыһылар тугут кээһиэхтэрин сөп

Этиилэр

Кыһыл тугут көр кыһыл

  • Кыһыл тугут ийэтин эмиийин сүтэрэн, үҥүлүҥнүүр.

Тугут кэбиспит (кээспит)

итэҕэс, сиппэтэх эбэтэр өлбүт тугуту төрөппүт (таба туһунан) ССП ЫН.

  • Дьүүкээрбит табалар үксүгэр тугут кэбиһэллэр, оҕолоро хойуккааҥҥа диэри мөлтөх, аһаах уонна ыарыыга ылларымтыа буолаллар. ВВ ЫС
    Ы. Ср
  • тюрк. тоҕ, туг ‘родиться, возникать, появляться’, МНТ тубул, монг. тугал ‘телёнок’, уйг. тугутлук ‘роженица’

«Т» буукуба