ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олдьу-солдьу

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы косо, криво, вкривь и вкось, неровно

1 сыһыат #

Туора-маары, ханньары барар курдук

Нууччалыы Косо, криво, вкривь и вкось, неровно

  • Олдьу-солдьу тимэхтэммит.
  • Соччо уопута суох кырыйааччылар түүнү дэхситэ суохтук, олдьу-солдьу кырыйаллар. СИиТ. Умайан сандаарбыт Ууллубатах муустаах, Уһулута ойбут, Олдьу-солдьу түспүт Орой төбөлөрдөөх, Хара былыттара Халлааҥҥа харбаспыт.
    П. Ойуунускай
  • Оннооҕор ойуур куобаҕа атаҕын олдьу-солдьу үктүүрэ туһунан сокуоннаах
    ХС

2 даҕааһын #

суолт. Токур, ханньары (тиис туһунан); үөһэ-аллара, кылар (харах туһунан)

Нууччалыы Кривой (зуб); косой (глаз)

  • Абыраамап олдьу-солдьу харахтарын ыбыччы көрдө.
    Л. Попов
  • Гриша, өй киирбититтэн, күлүм аллайа түстэ, улахан олдьу-солдьу тиистэрэ атыгыраатылар.
    В. Яковлев
  • [Куобах] Онньоҕунан үктүүр Олдьу-солдьу атах, Нөҥүө-маҥаа көрөр Оһу-хоһу харах.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. болди-солди ‘шероховатый’

«О» буукуба