ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ханньары

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы набок, набекрень, на сторону

1 сыһыат #

Туора барар курдук, сөрүөччү

Нууччалыы Набок, набекрень, на сторону

  • Хаһан да харахтаабатах эдэр киһитэ, андаатар бэргэһэтин ханньары уурунан, кинини одуулаан, ойоҕос диэки тэйиччи нэлэйэн-хотойон турар эбит. Огдо. Түннүк сабыытын ханньары тардыбакка эрэ эрийэн баран өтүүктүөххэ сөп. ДьХ. Вася сирэйэ кубарыйан хаалбыт, хортууһа ханньары барбыт
    ХС

2 даҕааһын #

суолт. Олус түктэри, тиэрэ, сүөргү (хол., майгы-сигили, өй-санаа)

Нууччалыы Очень плохой, отвратительный, заслуживающий порицания (напр., характер)

  • Хара түөкүттэр, хааннаах ыттар, Хараҥа майгылаахтар, ханньары санаалаахтар.
    П. Ойуунускай
  • Төттөрүтүн ханньары сигилилээх баҕайы, хата, ордук дириҥ өс-саас оҥосторо буолуо, ньахчарыйа сытыйан!
    ХС
  • Тэҥн. мунньары

«Х» буукуба