ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

омук

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы народ, нация

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Биир дойдулаах, биир тыллаах, култууралаах, биир төрүттээх дьон, норуот

Нууччалыы Народ, нация

  • Уфа куорат таһынааҕы дэриэбинэҕэ олохтоох чуваш омук киһитэ эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Прометей - грек омук мифологиятын өлбөт-сүппэт уһулуччулаах киһитэ
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

Ким эмэ ханнык омукка (норуокка) киирэрэ, национальноһа

Нууччалыы Национальность

  • Доҕоор! Эн хайа күбүөрүнэттэн, уокуруктан, хайа дэриэбинэттэн киһигиний уонна хайа омуккунуй?
    Эрилик Эристиин
  • [Климов:] Мин этэрээппэр биир үчүгэйкээн Биэлсэр кыыс баара, омуга поляк этэ
    И. Гоголев
  • Омук дойдулара. Омук тыла. Омук киһитэ. Ср. уйг. өмэк ‘чужой, чужестранец’, тув. омак ‘племя, род, нация’, эвенк., монг. омог ‘племя, род’

3 аат тыл #

түөлбэ., эргэр. Эбээн, эбэҥки

Нууччалыы Эвен, эвенк

  • Эбээннэри, эбэҥкилэри Дьааҥыга омуктар диэн ааттыыллара
    М. Ефимов

4 аат тыл #

Атын нэһилиэк, атын улуус; атын улуус киһитэ

Нууччалыы Другой наслег, другой улус (административные единицы Якутии); человек из другого улуса

  • Кыыс оҕо – омук анала.
    Саха фольк
  • Омук сиригэр кийиит буоллаҕым.
    А. Софронов
  • Оттон кыыс омук аналынан ааттанара
    ХС

5 даҕааһын #

суолт. Туспа (дойду, судаарыстыба); туспа дойдуга сыһыаннаах, олохтоох

Нууччалыы Иностранный

II

6 аат тыл #

, түөлбэ. Сыҥаах иһэ (балыкка хайыытын иһэ)

Нууччалыы Жабрые. Усуйаанаҕа балык хайыытын омук диэн ааттыыллар

7 этии #

Омуга төллөр - аҕынньыта төллөр (холлор) диэн курдук (көр аҕынньы). Эһэ үөһүн, саһыл хараҕын сиэтэлээтэ, онтон омуга төллөн хотуолаан куллугуратта. Н. Түгүнүүрэп

«О» буукуба