ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

норуот

аат тыл

Нууччалыы население государства, страны; народ

English people

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Судаарыстыба нэһилиэнньэтэ, дойду бүттүүн дьоно

Нууччалыы Население государства, страны; народ

  • Кытай норуота.
  • Корея норуотун Кэскиллээх дьыалата Көҥүлгэ дьулуһар Кырдьыга кыайыаҕа.
    С. Зверев
  • Бүтүн Сэбиэскэй норуот үлэлиир. Биһиэхэ боруоҥҥа анаан айар, тутар
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Омук, наассыйа

Нууччалыы Нация, национальность, народность

  • Саха норуота. Нуучча улуу норуота.
  • Саха норуотун кэтит кэскилин, тэбэр сүрэҕин ииппит, хорук тымыра буолбут өрүс диэн ааттыахтарын да ааттыыллар эбит
    П. Ойуунускай

3 аат тыл #

Дойду сүрүн үлэһит маассата

Нууччалыы Народная масса

  • Көҥүл норуот.
  • Ярославскайдаах нуучча үлэһит норуотун саха дьадаҥыта батыһыахтаах диэн үөрэтэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Баттал сыабыгар муҥнанар Кулут норуоккун харыстыыр - эн ырыаҥ, сүллэр этиҥнии, Баай оройугар күүрэрэ, Тэтиҥ мас сэбирдэҕинии Кинини титирэтэрэ
    Эллэй

4 аат тыл #

Дьон, дьон бөлөҕө

Нууччалыы Люди, группа людей

  • Оҕолор - көрдөөх норуот.
  • Ок-сиэ, норуот иннигэр тыл этэр диэн кытаанах, кыбыстыылаах да буолар эбит
    А. Бэрияк

«Н» буукуба