Перевод с якутского
оргул
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы небольшое возвышение, не затопленное водой
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Сааскы халаан уутугар ордон хаалар кыра томтор сир
Нууччалыы Небольшое возвышение, не затопленное водой (во время весеннего разлива)
Балтийскай муораны туораан, бэрдьигэс тыанан бүрүллэ үүммүт оргулга чугаһыыбыт Н. Якутскай
2 аат тыл #
Сааһыламмакка, түбэһиэх мунньуллубут ол-бу бытархай сээкэй чөмөҕө
Нууччалыы Куча, кучка каких-л. мелких вещей, каких-л. предметов
Максим утуйар таҥаһа соҕотохто оронун үрдүгэр оргул буола түстэ, остуолун өрө-таҥнары туттулар П. Филиппов Күһүҥҥү хара түүҥҥэ көмүлүөк оһох оргул кыыма түүтэхтии өрө уһууран тахсыбыт. А. Фёдоров Отой билбэтэх дьикти дойдубар Биирдэ баар буолан хаалбыт курдугум: Ордук суостаахтара оргул кутаалар, Чаҕыл күөхтээхтэрэ алар, тыа, хонуу. В. Миронов
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. оргил ‘вершина, пик’
3 аат тыл #
Кымырдаҕас уйата
Нууччалыы Муравейник
Айаннаабытым иккис күнүгэр, ыраахтан тыа быыһыгар бугул саҕа кымырдаҕас оргула лөглөйөн олорорун көрдүм. Тумарча. Бугул саҕа оргулу Борук-сорук көрбүтэ, Булуу-талыы -- бу дьолу, Бойборуйан тиийбитэ, Кымырдаҕас оргулун Кырыы өттүн үрэйдэ Т. Сметанин
4 даҕааһын #
суолт. Бөлөҕүнэн өрө кыынньан тахсар (хол., үөлэстэн тахсар кыымнар), кытыаста умайар (кутаа туһунан)
Нууччалыы Выходящий из трубы в виде снопа (об искрах), пламенеющий (о костре)