Перевод с якутского
оробуочай
аат тыл
Нууччалыы рабочий.
аат тыл
Тутууга, тыа хаһаайыстыбатыгар, собуокка о. д. а. илии-атах үлэтигэр сылдьар үлэһит
Нууччалыы Рабочий. Оробуочайдары сөптөөхтүк сүүмэрдээбэккэ, кэлии-барыы үгүс. Ол түмүгэр, чааһынай үлэһиттэр наһаа муһуннулар. Р. Баҕатаайыскай. "Холбос" киһитэ бастаан Алдаҥҥа баһаам элбэх көмүс аһыллыбытын, онно сүүһүнэн оробуочайдар кэлбиттэрин туһунан кэпсээтэ. И. Никифоров. Кирилл Семёнович саҥа оробуочайын дьүһүнүн көрөн баран, тугу да саҥарбатаҕа, чиҥээн эрэ кэбиспитэ. Н. Заболоцкай. Арыт сылдьар чааһынай, Арыт барбах сулуусай, Ханна дэлэй солкуобай - Онно быстах оробуочай. "ХС"