Перевод с якутского
кырках
аат тыл
Нууччалыы изжога.
1 аат тыл #
Кэҕэртэххэ куртахтан бэлэскэ тахсар аһыы симэһин
Нууччалыы Изжога. Кыркаҕа кыынньар. Кыркахтааҕы аһаабыт. Сыаны наһаа сиэтэхпинэ, кыркаҕым көбөөччү. М. Шолохов (тылб.). Кыркаҕа кыынньан, ап-аһыынан силлээн палк гыннарда. Н. Островскай (тылб.)
2 аат тыл #
Туохха эмэ бэрт кыра кир сыстыбыта; туох эмэ биллэр-биллибэт эбирэ-чуоҕура
Нууччалыы Незначительное, почти незаметное темное пятно на чистой или светлой поверхности чего-л
Кылдьыылаах харахтаах, Кынатын төбөтүгэр кыркахтаах, Кыҥкынас куоластаах Кыталыктыыр кыылым. Саха нар. ыр. I. Кыркаҕа суох халлаан. Хаар онно-манна ыйанан кыркаҕа суох ыраас өҥүнэн хараҕы саатырда кылбаарыйда П. Аввакумов
3 аат тыл #
Куһаҕан, өстүйэр санаа; ханнык эмэ дьиэк
Нууччалыы Корыстная или враждебная мысль; какой-л. дефект, изъян, отрицательное качество
Чырылык чыычаах дьолугар Албын-дьаһах аастын, Чырылыктыыр дьолугар Кыдьык, кырках кыйданнын. Саха нар. ыр. II. [Суоһалдьыйа:] Аан Алахчын дойдуга Кыыс оҕо Кыркаҕа суох тапталын саҕа Кырыыстааҕы көрбөтүм. И. Алексеев [Субу дьон] кыркаҕын киллэрбэтэх, кыраһаны сыһыарбатах Кыладыйа Хотуҥҥа кыстыктаах [эбиттэр]. ПЭК ОНЛЯ I. Ср др. -тюрк. хырҕаҕ 'кайма, кромка (одежды)'