Перевод с якутского
оҕонньор
аат тыл
Нууччалыы старик, старец
English old man
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Орто сааһын лаппа ааспыт, кырдьаҕас эр киһи
Нууччалыы Старик, старец
Былыыр-былыр бэрт дьадаҥы оҕонньордоох эмээхсинтэн үс уол оҕо төрөөн хаалбыта үһү. Саха фольк Чүөчээски бастакы куртуйаҕын доҕоругар Намыын оҕонньорго илдьэн биэрбитэ.
Суорун ОмоллоонОҕонньор дьикти эдэрдик, эрчимнээхтик ордоотоон кэбистэ Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
Дьахтар кэргэнэ (үксүгэр тард. ф-гар тут-лар)
Нууччалыы Супруг, муж (по отношению к жене, обычно употр. в притяж. ф.)
Эмээхсинэ оҕонньорун, бачча тухары бииргэ эн-мин дэсиһэн, эр-ойох буолан олорон баран, билбэт буолуо дуо?!
П. ОйуунускайКэлээт, ити оҕонньорбун кытта холбоспутум, оччолорго эдэр этибит Эрилик Эристиин
3 аат тыл #
харыс т., түөлбэ. Эһэни (тыатааҕыны) ханарытан ааттыыр тыл
Нууччалыы Слово, употребляемое в значении "медведь" (эвфемизм)
"Оҕонньор" билигин уһуктан арҕаҕыттан тахсан, чугас эргин лэппэрдээн эрдэҕэ. Далан "Киирдэҕинэ, оҕонньору бултаһан көрүөҥ дуо? " - Киргиэлэй киһитэ туох диирин истээри, сэҥээрбиттии көрөн олордо. Болот Боотур Эһэ суоһа-суодала бэрт буолан, былыр итэҕэл баарын саҕана дьон ордук куттанара; амаакаа, улахан аһыылаах, оҕонньор эҥин диэн ааттыыллара. ПАК ЭТ
4 этии #
Нууччалыы Говорят в шутливом тоне о человеке пылком, живом или, наоборот, очень спокойном
Оҕонньор кэпс., күл. -ооннь. - олус омуннурар, өрүкүйэр эбэтэр төттөрүтүн аһара холку киһини күлүү-оонньуу кэриэтэ этии Оҕонньор дьиэлээх, кырдьык бөҕөҕө кыайтаран, бэл кыыһырбатаҕа. Болот Боотур Оо, оҕонньор дьиэлээх, эмиэ омуннаан, күөркүн абырахтанан киирэн бардыҥ.
Г. КолесовАма доҕор, салайааччы ааттаах киһи үлэһиттэригэр оннук куруубайдык сыһыаннастаҕай, оҕонньор дьиэлээх кыратык эбэҕин дуу, хайдаҕый? "Кыым". Ср. монг. оҥон ‘онгон, дух, изображение духа’