Перевод с якутского
кырдьаҕас
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы достигший почтенного пожилого возраста, старый, пожилой
English old
Ис хоһооно · 10
1 даҕааһын #
Кырдьар сааһыгар тиийбит
Нууччалыы Достигший почтенного пожилого возраста, старый, пожилой
Бэйэм сүөһүлэрбин кырдьаҕас, тиэргэн ийэтэ буолбут ынахпынан буларым.
П. ОйуунускайМин кырдьаҕаспын да, доруобайбын, үөһэ хайдах эмэ тахсыам буоллаҕа Амма Аччыгыйа Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт (өс хоһ.). Кырдьаҕастан ыйытыма – сылдьыбыттан ыйыт (өс хоһ.). Элбэх хаары моҥообут кырдьаҕас, тоҕус уонча сааһыгар чугаһаан иһэн өлбүтэ В. Протодьяконов
2 даҕааһын #
Өр кэмҥэ тугунан эрэ дьарыктаммыт, идэтийбит, уопутурбут
Нууччалыы Давно занимающийся каким-л. делом, опытный со стажем, бывалый
Улахан уола кэргэннэммитэ ырааппыт, кырдьаҕас ыал. Софр. Данилов. Табаарыс Бадин Михаил Иванович - кырдьаҕас бассабыык С. Ефремов Кынаттааҕым кырдьаҕаһа Кыталык кыылга былааннаахтык Кыыһар былыты аннынан Кылбайан көттө. Нор. ырыаһ. Суор Ойуун кыраҕа хоҥнубат кырдьаҕас буолуо Амма Аччыгыйа
3 даҕааһын #
Баар буола сылдьыбыт, ааспыт, эргэ
Нууччалыы Прежний, прошедший, старый
Кырдьаҕас үйэбит Кыйданна, кыранна Күннүк Уурастыырап Тымныы кырдьаҕас алта уон бииргэ тиийэ дьалкыйан ылаттаата. Н. Заболоцкай Тыраахтар кырдьаҕас баараҕай тииттэри эрийии тимир быанан холбоно-холбоно, силистэри түөрэн, суулларыта тардан соһон күрүлэтэр М. Доҕордуурап
4 даҕааһын #
Баар буолбута, төрүттэммитэ, туһаныллыбыта ырааппыт
Нууччалыы Существующий давно, находящийся в употреблении давно, старый, древний
Эдьигээн олус кырдьаҕас – сааһынан Дьокуускай куораттан аҕыйах ый эрэ балыс. С. Руфов Кырдьаҕас алтан сылабаар оргуйан сыыгыныы турар. М. Доҕордуурап Бу кырдьаҕас оскуола үлэтигэр киһи кэрэхсии көрөрө чахчы баар эбит. ОГГ СМ
Өссө холобурдар (4)
Кырдьаҕас аатын олус үгүстүк ааттаабат баҕайыта. Булка мээмигэ, тыатааҕы, бөппөккө эҥин диэччилэр, оттон арҕаһын алаһата, суолун көтөлө диэн ааттааччылар. Далан "Бэйи, мин кырдьаҕаспар бэристэхпинэ сатанар", - диэтэ, итиэннэ уотун диэки хаамта. С. Никифоров Кырдьаҕас хайа да кыыллартан барыларыттан өйдөөх, куһу киһи курдук ураҕаһынан да бултуурун ылан көрүҥ, тууну көрөрүн, тылбыытын эрэ сатаан укпат. ХС Ср. тюрк. карт 'старый'
5 аат тыл #
Сааһырбыт киһи
Нууччалыы Старик, старец
6 аат тыл #
Ытыктаан, сүгүрүйэн этии, ыҥырыы, ааттааһын (сааһынан оччо кырдьаҕаһа да суох киһини, ардыгар киһи олоҕор суолталаах атын туох эмэ да туһунан)
Нууччалыы Почтительное обращение к кому-л. или уважительная характеристика кого-чего-л
7 аат тыл #
Туох эмэ улахан, күүстээх хаачыстыбатын бэлиэтээн этии
Нууччалыы Дед, старец (слово, выражающее уважительно-почтительное отношение к кому-чему-л.)
8 аат тыл #
харыс. т. Эһэни (тыатааҕыны), уоту ытыктаан, дьулайан ааттааһын
Нууччалыы Эвфемизм, заменяющий слова, обозначающие понятия 'огонь' и 'медведь', на почтительное, оберегательное 'старец'
9 этии #
Нууччалыы Видавший виды, бывалый. соотв. тёртый калач (букв. старый волк, пёс)
Этиилэр
Кырдьаҕас бөрө (ыт)
өр олорон, олоххо арааһы көрсөн, элбэҕи билбит-көрбүт, уопутурбут киһи Кырдьаҕас ыт үрбүтэ хаалбат (өс хоһ.
). Кырдьаҕас ыт сымыйанан үрбэт (өс хоһ.). Кырдьаҕас бөрөлөр Түү сирэй уонна Адаархай кэлбэтэхтэр. Олор үөмэн эрэрдии ньылбыйа тутталлара бэлиэ буолара. Р. Баҕатаайыскай
Күөлгэ кус толорута чахчы
кырдьаҕас бөрө эндэппэтэх баҕайым ини.
Н. Заболоцкай
10 этии #
Нууччалыы Старец, весьма почтенный старый человек
Этиилэр
Аар кырдьаҕас
олус элбэх саастаах, ытыктанар киһи Саха аар кырдьаҕаһа сүрдээх имигэстик хамсанан үҥкүүлээн дэгэрийэн эрэрин көрө-көрө сүрдээҕин сөҕөбүт. "ХС". Ытык кырдьаҕас үрд. – ытыктанар, ытыгыланар кырдьаҕас киһи.
Почтенный, глубокоуважаемый пожилой человек.
Сэттэ улуус Сээркээн сэһэнэ буолбут, Ыарахан атахтаах, Ыралаах тыллаах, Ырыаһыт идэлээх Ытык кырдьаҕаһы буланнар, Түһүлгэ төбөтүгэр Туруоран [кэбиһэллэр].
Өксөкүлээх ӨлөксөйБууктаах сон саҕынньахтаах ытык кырдьаҕас оҕонньор киһи, сөҥ-сөҥнүк саҥаран, лүҥкүнүү турар эбит.
П. Ойуунускай
Кырдьаҕас аат
ким, туох эмэ, билигин айыырҕаан этиллибэт буолбут былыргы аата (итэҕэли кытта сибээстээн маннык ааты туттубакка кыһаналлар).
Старинное полное имя или название кого-чего-л., вышедшее из употребления (согласно народным поверьям и суевериям).
Бу эн үөһээ бииһин ууһун наһаа дириҥник ахтар эбиккин, бу дьон кырдьаҕас ааттарын ааттыыр сэттээх-сэлээннээх буолар. Эн ыччаттаах киһигин, ыччаккын харыстыы, улахан тылы саҥарыма. Тоҥ Суорун. [Амма тоҕойун сиһин] кырдьаҕас аата Түөрт Уон Түөрт Күөллээх Түгэх иһэ. Багдарыын Сүлбэ