Перевод с якутского
па
частица
Нууччалыы тьфу
English bah, pah, phew
Ис хоһооно · 5
1 #
саҥа алл
Бу туох куһаҕан сытай, па-па! Па да паа, бу уол бадарааҥҥа түспүт! Пыы, ынах сааҕын тэпсибит! Па, нохоо, дьэбэрэ уута буолбат дуо? Амма Аччыгыйа
2 #
Сиргэниини, сиргэнэн-кэлэйэн абааһы көрүүнү көрдөрөр (аһаҕас дорҕ. араастык уһатан, уларытан, сүһүөҕү эбэн, көмө т., ордук сыһыан эб. холбоһон, иэйии араас дэгэтин, толбонун күүһүрдэн биэрэр)
Нууччалыы Выражает брезгливое отношение, отвращение к чему-л. (произносится с различной степенью длительности, может иметь слоговые наращения, соединяться со служебными словами и усиливать различные отрицательные эмоциональные оттенки и нюансы)
3 #
Улаханнык сириини, мыыныыны, дьиибэргээһиннээх кэлэйиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает пренебрежительное отношение, презрение к кому-чему-л.; разочарование в ком-чем-л., недоумение
Па, ол диэхтээн! Па, бу дьүһүннээҕи кыайбаккын дуо? Па, олус кыра эбит! [Кэргэнэ:] "Па, бу диэн булт дуо?" - дии-дии чыркымайы ылан оһох кэннин диэки бырахпыта. Н. Якутскай Саня, эн кэнники эргэ бардаххына, мин эйиэхэ сылдьар буолуом - диибин. Па! Күтүр эҥин-эҥини саҥаран. Ол эмиэ тугум эрэй, нохоо! Амма Аччыгыйа
4 #
Дьиктиргээһиннээх соһуйууну көрдөрөр (үксүгэр күүппэтэх өттүгүттэн туох эмэ баар буолуутуттан)
Нууччалыы Выражает сильное удивление, изумление (от какой-л. неожиданности)
Па, кыыһа бу утары сарахаччыйан иһэр, куудараламмыт баттаҕа уон аҥыы үрэллэн хаалбыт Н. Заболоцкай
5 #
"Куһаҕан, нэгэй, аанньата суох" диэн тыллар суолталарыгар туттуллар этигэн тыл
Нууччалыы Семантический экспрессивный эквивалент слов "плохой, никуда не годится, никчемный"
Уол сотору-сотору "па" диир, кини ол аайы ордук тэбиллэн иһэр. Амма Аччыгыйа Хараҕын сабан көрдө да, па, утуйар уу диэн кэлси дуо. Софр. Данилов. Матырыйаалы ордорон иккилии бүк батарбытым аны "па" аатырар дуо?! Р. Баҕатаайыскай Тэҥн. пахай. Монг. паа