ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

паарка

аат тыл

Нууччалыы парк.

I

1 аат тыл #

Үүнээйилэрдээх, аллеялардаах, сынньанар, оонньуур сирдэрдээх улахан сад

Нууччалыы Парк. Паарка ыллаан эрдэҕэ Маннык намыын киэһэҕэ, Эдэр ыччат биэрэккэ Эһиэкэйин эттэҕэ. С. Данилов. Өйдүүгүөн, оһуохай саҕана Пааркаҕа түүҥҥү бэс суугунун, Кыыл таба турар таас фонтана Күндээрэ ыһылла оонньуурун. П. Тулааһынап. Сибэкки ойуулаах Силээн тыа ойуурдаах Киэргэллээх пааркаҕа, Киэһээҥҥи салгыҥҥа Дьон мустан бардылар. С. Васильев

II

2 аат тыл #

Массыыналар турар, өрөмүөннэнэр сирдэрэ

Нууччалыы Парк (место для стоянки, ремонта подвижного состава)

  • Уоҕатты дэриэбинэтигэр баар массыына-тыраахтарынай ыстаансыйа паарката иккиэммитин [икки кэккэлэһэ холкуоһу] хабар.
    Эрилик Эристиин
  • Холкуостар уонна сопхуостар массыына-тыраахтарынай пааркаларын техническэй өттүнэн хааччыйыы соруга турар
    Кыым
  • Ханнык эмэ сиргэ, тэрилтэҕэ баар массыына бүтүннүүтэ. Θ Парк (совокупность подвижного состава, машин). Оройуон тыатын хаһаайыстыбатын тыраахтарынай паарката -- үс төгүл үүннэ.
    АНХ СС

«П» буукуба