ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

пуорт

аат тыл

Нууччалыы порт

аат тыл

Уу аала тохтоон турарыгар хомолоох, таһаҕаһы тиэйэргэ, сүөкүүргэ, аалы абырахтыырга аналлаах тэриллээх сир

Нууччалыы Порт (морской, речной)

  • Муора пуорда. Өрүс пуорда.
  • Борохуоттар түмсэр пуортара улахан куорат баксаалыгар маарынныыр буола түһэр, олус сэргэх олохтонор.
    Амма Аччыгыйа
  • Туундара сир дьикти симэҕэ буолан силигилээбит Тиксии пуорт итии паардаах дьиэтигэр киирэммит, Титирэтэ тоҥорор тибииттэн дьэ тэйдибит. Эллэй. Манна дойдубар көтөрбөр Лена пуорка атаарбыта
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Авиапорт диэн курдук. Кылтааһаптаахпыт улуу куорат биир улахан пуордуттан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа көтөн тахсыбыттара икки чаастан орпута.
    В. Гаврильева
  • Элбэх сырыылаах пуорт дии саныыгын. Икки бөртөлүөт, үс "антошка" түһэн олороллор. С. Окоёмов

«П» буукуба