ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саамы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы смешивание жидкости переливанием из одного сосуда в другой

1 аат тыл #

Убаҕаһы иһиттэн иһиккэ төттөрү-таары кутан булкуйуу

Нууччалыы Смешивание жидкости переливанием из одного сосуда в другой (или другие)

  • Кымыс саамыта. Ыаммыт үүт саамыта

2 аат тыл #

Туох эмэ төттөрү-таары оннун уларытыһыыта, саҥалыы сааһыланыыта, солбуһуута; тугу эмэ оннук уларытан саҥалыы сааһылааһын

Нууччалыы Перестановка, перемещение в другое место кого-чего-л

  • Хонтуораҕа күнү быһа дьон саамыта. Ыскылаат малын саамыта бүппэт
  • Төттөрү-таары кэлии-барыы, өрө-таҥнары булкуллуу. Θ Беспорядочное движение, сутолока (напр., уличная). Тыйаатырга киирээттэрин кытта, күннээҕи биир күрүс олох массыына куугунун, уулусса саамытын кытары таһырдьа хаалла
    Н. Лугинов
  • суолт. саамал 1 диэн курдук. Сиэллээх моонньохтоох Чороон айахха Бадьара дьоруо сылгы Батыччахтыыр арыылаах Саамы кымыһы Дьалкылдьыччы куттулар.
    П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. дьайиму ‘потрясти, взволновать’, тюрк. сапыр ‘переливать’

«С» буукуба