Перевод с якутского
сабырыччы
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы нависнув
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
сыһ
Соҕотох Табаһытчаан баттаҕа эрэ уруккутунан сабырыччы үүнэн түспүтэ сүөргүтүк көстөр. Болот Боотур Сүүһүгэр сабырыччы ууруммут хара киэпкэлээх оҕонньор, хап-сабар эгдэҥэлээн кэлэн, чаанньыгар чэй кутта. А. Фёдоров Сиэрдийэни хотону туора истиэнэттэн балтараа миэтэрэ сабырыччы тэлгэтиллэр СГК ТҮЧ
2 даҕааһын #
Сабырыйан, ыйанан турар курдук, намылыччы
Нууччалыы Нависнув над чем-л., свесившись
3 даҕааһын #
Төһөнү эрэ ааһа барар курдук, аһара
Нууччалыы С превышением чего-л. (напр., нормы)
Кини өссө нуорматын кыра соҕустук сабырыччы толорон олордоҕуна, биригэдьиир Макаар тиийэн кэллэ Д. Таас Айдар бэйэтин саастыылаахтарыттан бары өттүнэн сабырыччы.
Н. ЛугиновЛенинскэй оройуон сылгылара уҥуохтарынан бөдөҥнөр, быдан халыҥнар, үктүүр ыйааһыннара эмиэ сабырыччы АНП СЭЭ
4 даҕааһын #
Хаастаргын түрдэһиннэрэн, кыыһырбыттык туттан
Нууччалыы Нахмурив брови, хмуро, насупившись, угрюмо
Арай бу дуолан ыһыаҕын Астыммакка үүс олбоҕор Доодоҥ кырыктаах хараҕын Сабырыччы көрөн олорор. М. Ефимов Дьуурай -- өттүк баттанар, субу ыстанан кэбиһиэх курдук дьиппиэнник сабырыччы көрүтэлиир А. Фёдоров
5 даҕааһын #
суолт., кэпс. Тугунан эмэ кими-тугу эмэ сабырыйар, баһыйар
Нууччалыы Имеющий преимущество перед кем-чем-л., превосходящий кого-что-л. в чём-л