ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сапсын

туохтуур

Нууччалыы делать взмахи крыльями, хлопать крыльями, махать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

сапсый 1, 2 диэнтэн бэй. туһ. Кыргыттар [сөрүүкэтинэн] салгын курдук чараас былааттарынан сапсыналлар. П. Аввакумов. Остуол уһугар олорор старшинабыт эмискэ икки илиитин таҥнары сапсыммытынан өрө чинэрийдэ. С. Никифоров

2 туохтуур #

Кынаттаргынан дайбан, охсуолан (көтөр туһунан)

Нууччалыы Делать взмахи крыльями, хлопать крыльями, махать

  • Халлаан кырсынан Хара суор, -- Хааҕыргыы-хааҕыргыы халаахтаан иһэн, Хааннааҕы харахтаан, Өлүгү көрөн, Таҥнары сапсынан Даллас гына олордо.
    А. Софронов
  • Кутуйахсыт элиэ кэлэн, Лоҥкууда ыарҕаларын быыһыгар сабыта түһэн, салгыҥҥа сарайа-сарайа сапсынна
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Илиилэргин тугу эрэ сапсыйар курдук хамсат, оннук хамсатан тугу эмэ гын

Нууччалыы Махать или водить руками (напр., выражая радость или крестясь при молитве). [Оҕом] мин таһыттан киирбиппэр үөрэн, -- илиилэрин сыыһынан сапсына-сапсына, даллараҥныы-даллараҥныы күлэн чычыгыраабыта минньигэһэ сүрдээх

  • Петя, Маша диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, таҥараҕа үҥэн сапсынар
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Көтөр кынаттарынан сапсынарын санатардыы хамсаа

Нууччалыы Подниматься и опускаться, напоминая взмах крыльями птиц

  • Кыыс сымнаҕас харахтарын улам аллара көрөн истэ, быыстала суох симириктээн уһун кыламаннара сапсыннылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Манна миигин Айаҥҥа атаара Аалай былаатынан Сарыал сапсынар.
    М. Ефимов
  • Борохуот хаһыыта Хайаҕа дуорайда, Эрдиитэ-кыната Элэҥнии сапсынна
    П. Тулааһынап

«С» буукуба