ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһын

Нууччалыы хлопать в ладоши в знак одобрения, аплодировать

Ис хоһооно · 4
I

1 #

тас I диэнтэн бэй. туһ. Мас таһыналлара дьэ кэлбит үһү. Н. Ефремов. Оччолорго сыарҕаны сатаан оҥостубат этибит, уучаҕынан сылдьарбыт, таһынарбыт. Н. Абыйчанин

II

2 #

таһый I диэнтэн бэй. туһ. Тоҕус туруйа баһа Тоһута сытыйда диэн, Өттүгүн таһынан Өрүтэ мөҕө олордо. П. Ойуунускай. Оҕонньор соһуйан-өмүрэн өттүгүн таһына түстэ. "ХС".

Этиилэр

Кыһын суунар минньигэһин

Баанньыкка паарданаллар, Бэйэ бааммыт миинньигинэн Дьон дэлби таһыналлар.

  • А. Твардовскай (тылб.)

3 #

Сөбүлүүргүн, биһирииргин биллэрэн ытыскын ытыскар охсуолаа

Нууччалыы Хлопать в ладоши в знак одобрения, аплодировать

  • Оҕолор ытыстарын таһына-таһына бары эккирээмэхтээтилэр.
    И. Гоголев
  • "Ураа!" "Уруй!" хаһыытаатылар, Ыга киирэн тула мустан Ытыстарын таһыннылар.
    С. Васильев
  • Соҕотох илиигинэн Ытыскын таһыммаккын, Бэйэҕин арбаан эн Ырааҕы барбаккын
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Кромешная тьма, хоть глаз выколи

Этиилэр

Ытыс таһынар хараҥа

туох да көстүбэт хараҥата, ыас хараҥа Ытыс таһынар хараҥаҕа айан суолун устун бардар баран иһэбин.

  • Түүн үөһэ буолара чугаһаата, халлааны ыаһырбыт хара былыт бүрүйдэ, ытыс таһынар ыас хараҥа буолла.
    И. Никифоров
  • Им-дьим Ытыс таһынар хараҥа. А. Фёдоров

«Т» буукуба