ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саргы

аат тыл

Нууччалыы счастливое будущее

I

1 аат тыл #

, үрд. Быстыбат үөрүүлээх, өрөйүүлээх-чөрөйүүлээх төлкөлөнүү; дьоллоох туску

Нууччалыы Счастливое будущее

  • Сордоох-муҥнаах дьоммут Соргута улаатар, Самныбат саргыбыт Саһарҕата тахсар, Көрөр харах сырдыыр Көмүс көҥүл кэллин! Ньургун Боотур. Татаар тыллаах Таба эппэтин! Саха саныаҕынан Саргыҥ салалыннын!
    П. Ойуунускай
  • Илин саҕах бүтүннүүтэ Саһарҕанан кытыастан, Ийэ сиргэ үрдүк саргы Саҥа күнэ үүммүтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Эһиги чаҕылҕанныы чаҕылхай уонна кылгас олоххут биһиги көлүөнэ үйэтин уһатта, саргытын салайда.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. йар ‘быть светлым, сиять’, монг. жаргал ‘наслаждение’
II

2 #

саргы сатаҕай - туга да оҥоһуллубатах, бэлэмнэммэтэх; туох да бэлэмэ суох

Нууччалыы Совершенно неподготовленный, не готовый к чему-л. (напр., о школьном помещении к началу учебного года)

  • Бэҕэһээ Сахаайа оскуола кэлэр үөрэх дьылыгар бэлэмин билсиһэ сылдьыбыта, букатын саргы сатаҕай олороллоро. Софр. Данилов. Билигин даҕаны үгүс тутуулар, икки хас муоста саргы сатаҕай тураллар үһү.
    ХС
  • Саргы сатыы - ханнык да тырааныспарга олорбокко, суос-сатыы, көлөтө суох. Θ Не имеющий транспорта, вынужденный ходить только пешком. Онто да суох аҕыйах табалаах бэйэлэрэ илиилэрин соттон хаалбыттар, эмискэ саргы сатыы буолбуттар. А. Кривошапкин (тылб.)

«С» буукуба