Перевод с якутского
сатыы
сыһыат, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы на своих ногах, пешком
Ис хоһооно · 7
1 сыһыат #
Көлөтө, тырааныспара суох, атаххынан (сырыт)
Нууччалыы На своих ногах, пешком (идти)
Катерина Павловна дьиэтигэр сатыы төнүннэ.
Н. ЛугиновСуос-соҕотоҕун үс көс сири сатыы хааман Лоҥкууда үрэххэ тиийэн кэллэ. М. Доҕордуурап Биир күһүн үлэни-хамнаһы булбакка, Тайҕаҕа быстаран сатыы хаалбытым А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
Сатыы киһи. Сатыы киһиэхэ суол уһуур, ордук бытааннык иэҕэҥнээтэххэ. Н. Заболоцкай Сэрии сэбин сүкпүт сатыы этэрээттэр көмөҕө кэлэллэр Эрилик Эристиин
2 даҕааһын #
Көлөтө, тырааныспара суох атаҕынан сылдьар
Нууччалыы Идущий пешком, пеший
3 даҕааһын #
Кыайан көппөт, көтө илик (ситэ илик буолан эбэтэр сааран баран – көтөр туһунан)
Нууччалыы Неспособный, ещё не умеющий летать (птенец или птица после линьки)
Сатыы кустар. Сатыы хаастарга түбэстим. [Арай] "аллаах тыынан сүүрдэн дьылыһытан киирэн, сатыы андылары ытыалаан биһиргэт", - диэн саныы-саныы, Ананий -- аа-дьуо хааман истэ М. Доҕордуурап
4 даҕааһын #
Сатыы киһи хаамыытын түргэнинэн мээрэйдэнэр
Нууччалыы Измеряемый скоростью пешехода (о якутских мерах пути)
Сатыы көс. Сатыы күннүк. [Бухатыыр ата] үс күннүк сиртэн күр мууһунан уһуутаата, сатыы күннүк сиртэн хара буорунан иһэх тэптэрдэ, ириэнэх маһы иэн иҥиирин курдук ибили тэптэрдэ Саха фольк Сатыыны биэс эрэй тоһуйар, аттаахтан биир эрэй куотар (өс ном.). Киэһээ чэй саҕана аттаахтар, сатыылар алаас түөрт өттүттэн кииртэлээн истилэр. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Сатыыны олордор, Быстыбыты салгыыр, Хомойбуту үөрдэр Киһи буолаар дуу И. Эртюков
5 даҕааһын #
Намыһах, намтаан көстөр, үрдүгэ суох
Нууччалыы Невысокий, низкий, низко нависающий над чем-л. (напр., об облаках)
Сатыы ыарҕа. Сатыы былыт. Сатыы халлаан. Саа тыаһа санаарҕаабыт курдук сатыы ойуур үрдүнэн сатарыйа турда.
Суорун ОмоллоонСарсыарда күн бүтэйиттэн киэһэ сатыы туман түһүөр диэри үлэлиирэ. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Сатыы маҥан халлааҥҥа Саппах лоскуй былыттар Сөмөлүөт обургу салгынынан Сатаҕай сарапаан таҥаһыныы Сахсыллаахтыы хааллылар С. Васильев
6 аат тыл #
суолт. Көлөтө, тырааныспара суох сылдьар киһи
Нууччалыы Идущий пешком, пеший, пешеход
7 этии #
Сатыы сэрии байыан. - сэрии сатыы сылдьан сэриилэһэр бииһэ Сатыы сэриигэ кэлбитим хас да хонно. Т. Сметанин. Ср. др. -тюрк. йадаҕ ‘пеший; пешком’; тув. чадаҕ ‘пеший; пешком’
Нууччалыы Род войск, действующих в пешем строю, пехота