Перевод с якутского
сиирэ
Нууччалыы вскользь по поверхности, по краю чего-л
1 #
Туох эмэ тас өттүнэн, тас кытыытынан
Нууччалыы Вскользь по поверхности, по краю чего-л
Куоската, хантас гынаат, кулгааҕыттан сиирэ хапта. С. Руфов Гарри ампаар иһигэр иитиллибит айаҕа түөһүн сиирэ көтүттэрбит, онон бааһырбыт. Н. Габышев [Үлэһит] өр-өтөр гыммата, сыыр үрдүгэр ыга халыйан киирбит сааскы садырыын уутун аллара сиирэ хорон түһэрдэ П. Филиппов
2 этии #
Нууччалыы Слегка вспороть, рассечь чем-л. острым вскользь (поверхность чего-л. – напр., кожу человека)
Сиирэ ас - тугу эмэ (хол., киһи тириитин) туох эмэ уһуктааҕынан, сытыынан дьөлө буолбакка, хайа барар курдук халты ас Адьарай [үрүҥ эһэ] аһаран биэрдэ! Сиирэ астаран, хаана саккырыы-саккырыы, куотан хаалла. И. Гоголев Улам-улам сиирэ астахха симэһин тахсыбат киһитэ буолан иһэр, аҕатынааҕар чиҥ буолбут. Болот Боотур Кини бааһырбатах даҕаны, барбах кыратык кумааҕыны тута сытар илиитин сиирэ анньан ааспыттар. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
Сиирэ көт - кими, тугу эмэ тас өттүнэн эбэтэр кытыытынан хайа көтөн алдьат, бааһырт (буулдьа). Θ Рассечь, поранить вскользь (поверхность чего-л. – напр., о пуле). Буулдьа уҥа чанчыкпынан дириҥник сиирэ көтөн ааспыт, хата мэйиибин, мэйиим сарыытын таарыйбатах үһү. А. Бэрияк Өстөөх сидьиҥ үспүйүөн Өлүү тыыннаах буулдьата Лейтенаммыт сүлүөмүн Сиирэ көтөн ааспыта. А. Абаҕыыныскай - Хайа, бааһырбыккын дии. - Ээ, халымыр, бүлгүммүн сиирэ көттө, - Егор хардарда. ИИФ УС