ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиксий

туохтуур

Нууччалыы просеивать, очищать, пропуская через сито, решето

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Тугу эмэ сиидэҕэ кутан сахсыйан сыыһын көтүт, ыраастаа (хол., бурдугу)

Нууччалыы Просеивать, очищать, пропуская через сито, решето (напр., муку)

  • Хантан эрэ биир кыра, суон дьахтар иһиккэ бурдук туппутунан тыаһа суохтук үктэнэн кэлэн бурдугун сиксийбитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Аҥаар илиитинэн чабычахтаах бурдугун сиксийэн көрбүтэ алта уон биэс кутуу бурдук баар эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Хаҥас диэки биир кыыс бурдук сиксийэн илгистэр
    Н. Түгүнүүрэп

2 туохтуур #

Биир тэҥ субуллук сахсылын, дьигиһий

Нууччалыы Сотрясаться от частых и коротких колебательных движений, дрожать; трястись

  • Кыһыллар алта бүлүмүөттэрэ тэҥҥэ ытан сиксийбитинэн бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ата аа-дьуо сэлбэйэр, Суол очура сиксийэр.
    П. Тобуруокап
  • [Кулунчук] күөх кырыһынан сабыллыбыт алааһын ньуурун сытырҕалыы-сытырҕалыы, сиэлэн сиксийдэ.
    В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
  • Бүлүмүөттэр кириэстии ытыалаан сиксийэллэр
    ССС

3 туохтуур #

Биир тэҥник титирэстэтэ хамсат, илибирэт

Нууччалыы Колебать; заставить равномерно, мелко дрожать

  • Улахан тыал түһэн сиксийбитэ икки хонно.
    Н. Лугинов
  • Мин эһиэхэ кэлиэҕим Үйэ тимир киэһэтигэр, Айаас тыал сэбирдэҕи Сиксийэр күһүнүгэр.
    И. Гоголев
  • Айылҕа мутукчатын, сэбирдэҕин тэбээн сиксийдэ
    Э. Соколов

4 этии #

Этиилэр

Иһэ сиксийдэ көр сипсий

  • "[Ыкка] тугу да биэримэҥ, - диэтим, - иһэ сиксийдэҕинэ бэйэтэ кэлиэҕэ".
    В. Протодьяконов
  • Хара Кыыс [ынах аата] өллөҕүнэ, үрүҥ аһынан баҕас испит сиксийэр баҕайыта ини.
    В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
  • [Кэтириис:] (сөмүйэтин чочоҥнотор) Аччыктаатаххытына, искит сиксийдэҕинэ кэлиэххит. Пьесалар-195 4. Ср. тув. сыкса, бур. һагшаха ‘просеять’

«С» буукуба