ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиккиэр

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы слегка дуть, веять, обдувать прохладой

I

1 туохтуур #

Сөрүүн салгынынан кыратык үр (тыал)

Нууччалыы Слегка дуть, веять, обдувать прохладой (ветерок)

  • Сэриин тыал, суһуоҕун тараары, Сэниэтин сиккиэрэн бараабыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Түүн буолбута, хайалартан сиккиэрэ турбут тыал иһийбитэ.
    Ч. Айтматов
  • Бу диэки хаар сыччах кыыдамнаабыт эрэ быһыылаах, билигин тыал сиккиэрэр. С. Курилов (тылб.)
II

2 аат тыл #

Кыра соҕус чэбдик тыал

Нууччалыы Лёгкий освежающий ветер

  • Иэдэһигэр сып-сылаас сиккиэр илгийдэ.
    И. Гоголев
  • Сэбирдэх кыра да сиккиэртэн "сапсыммахтаан" ылара.
    М. Попов
  • Полярнай маактар сиккиэртэн хоҥкулдьуһа хамсыыллар
    И. Федосеев

3 этии #

Этиилэр

Сиккиэр тыал

сиккиэр II диэн курдук.

  • Онон-манан быстах охсон ааһар сиккиэр тыал күөл үрдүн дьэрэлитэрэ.
    И. Федосеев
  • Хантан эрэ сиккиэр тыал Хатыҥы кэлэн кууста.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Кулгааҕар сиккиэр тыал ат айаныттан сирилиир. А. Сыромятникова

«С» буукуба