ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уорааннан

туохтуур

Нууччалыы веять прохладой; становиться более жестоким, суроветь

I

1 туохтуур #

Тымныы салгыннаах буол; олус күүскэ тымный

Нууччалыы Веять прохладой; становиться более жестоким, суроветь (напр., о морозе)

  • Салгын уорааннаммыт.
    В. Миронов
  • Дьиэтэ уорааннаммыт, киһи тыына бурҕачыҥнас буолбут.
    ХС
  • Ол дьылга ахсынньы ордук уорааннаммыта – термометр биэс уон кыраадыс тымныыттан түспэккэ турбута. Ю. Чертов (тылб.)
II

2 туохтуур #

Олус улахан, ыраахха диэри иһиллэр тыастаах буол

Нууччалыы Быть громким, раскатистым, далеко разносящимся (о звуках)

  • Сарсыарда тайҕа иһэ Мотуор дуораан тыаһынан Уһуктар ньиргиһийэ, Уорааннана доргуйан.
    М. Ефимов
  • Им-дьим, уу-чуумпу. Арай Степан Васильев этэрэ өссө уорааннанан иһэр.
    И. Федосеев
  • Кэҕэ этэрэ уорааннанан иһиллэр.
    ИН ХБ

«У» буукуба