Перевод с якутского
силбик
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сырость, промозглость; дождливая погода
1 аат тыл #
Элбэх ардахтаах, инчэҕэй, сииктээх күн-дьыл
Нууччалыы Сырость, промозглость; дождливая погода
Бу былыттаах, силбик күн хаастар алларанан көтөллөр. Н. Габышев Самыыр күүскэ түспүтэ. Улахан силбик буолбута АХС
2 аат тыл #
Маска-окко олорон хаалбыт ардах-самыыр инчэҕэйэ, сиигэ
Нууччалыы Сырость, влага на растениях (от дождя)
Оттор-мастар сэбирдэхтэриттэн, лабааларыттан силбик ибис-инчэҕэйинэн хаарыйбахтыыр. Е. Неймохов Сииги, силбиги кэһэн, Ким эрэ суола барбыт. Баал Хабырыыс Хахыйахтар силбиктэрин маһынан кулуу-кулуу -- оҕонньорум субу барыгылдьыйан кэлбитэ Хомус
Өссө холобурдар (4)
Киһини этин сааһын сайа охсор курас тыаллаах, тымныы, силбик күһүн тиийэн кэлэр. Н. Якутскай Биир силбик күн, Арҕаа Украина биир кыра куоратын аттыгар миинэҕэ уллуҥахпын быһа тэптэрбитим. С. Никифоров Ким эрэ чуор куолаһа: "Куйаас күн, силбик күн киэҥ тайҕа түҥ маарын хоно-тура кэрийэбит", - диэн ыллаабытынан барар. ДФС К К. Ср каракалп. силпи ‘изморось (мелкий дождь)’
3 даҕааһын #
суолт. Инчэҕэй, элбэх ардахтаах (күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Сырой, дождливый, промозглый (о погоде)