ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

силии

аат тыл

Нууччалыы костный мозг

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Уҥуох көҥдөйүгэр баар арыытыҥы сыа

Нууччалыы Костный мозг

  • Нухарыйдаххына, уот өһөн барар, силиигиттэн, сиһиҥ үөһүттэн соппоҥ тымныы оборор.
    Амма Аччыгыйа
  • [Хаххан:] Эчикийэ тааҕын эрэйдэнэн кэллим, дабыдалым силиитин таах ууллардым.
    Суорун Омоллоон
  • Эмискэ хаҥас атаҕа үөһэттэн аллара силиитин устун ньиргийэн ылла да, хараҕа хараҥара түһэр
    Кустук

2 аат тыл #

Олус сытыы, минньигэс амтаннаах аһылык (сиикэйдии да, буһарыллан да сиэниллэр)

Нууччалыы Очень вкусное, лакомое блюдо из костного мозга некоторых животных (употр. в сыром и варёном виде)

  • Дьэ, сылаас таба силиитэ минньигэһэ бэрт буолар эбит.
    А. Софронов
  • Биһиэхэ биир күндү аһылыгынан силии буолар
    ТИИ ЭОСА

3 этии #

Нууччалыы Крайне истощиться, обессилеть

  • Силиитэ быстыбыт - улаханнык эстибит, быста ырбыт Майаат омуктар тутайан өлөр улуу сут дьылларыгар аҕам отут ураһа киһини биир оҕунан иитэн кыстаппыта. Ол онно силиитэ быстан эһиэхэ ситтэрдэҕэ.
    Далан
  • [Эһэ:] Мин кыһыны үксүн маннык сытан, утуйан туоруубун. Ол иһин саас күөх от үүнүөр диэри силиим быстан, сыккырыыр тыыным эрэ ордон тиийээччибин.
    П. Ламутскай
  • Силиитигэр тиийэ тоҥно - олус күүскэ, уҥуохтара дьаралыйыар диэри тоҥно. Θ Промёрзнуть до костей. Ньылбы сытыйан, титирээн, силиитигэр диэри тоҥон, Чүөчээски, салҕаластыы-салҕаластыы, сиэбиттэн испиискэтин сулбу тардан ылла.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Бэл кинилэр, эдэр дьон, уҥуохтарын силиитигэр тиийэ ыбылы тоҥнулар дии. Софр. Данилов. Тымныы уу киһи силиитигэр тиийэр да, Маша түргэнник хамсанан ону аһарына сатаата. А. Козак (тылб.)

4 этии #

Нууччалыы Очень нежные, гибкие и тонкие пальцы

  • Силии тарбахтар - олус нарын, имигэс синньигэс тарбахтар Эмискэ итий-итий гыммыт иэдэстэрин -- силии тарбахтардаах ытысчааннарын сыыһынан саба туттан, Катя туран хаалла...
    Э. Соколов
  • Сардаана силии-нарын тарбахтарынан ыарыһах уол эргэ кыраабыл тииһин курдук тарбахтарын ыга тутта.
    С. Федотов
  • Эйэҕэс хара хараххар - Эмиэ үөрүү... Эмиэ күүтүү... Имигэс силии тарбаххар Илийэр былаат, үс бүктүү... Чэчир-7 2. Тув. чилиг ‘костный мозг’, алт. дьилик ‘мозг (костный)’

«С» буукуба