ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

симиктик

сыһыат

Нууччалыы слабо

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Көмүлүөк оһох симиктик умайар.
    Н. Павлов
  • Ыһыырынньык уота симиктик сырдатар кэҥэс хоһугар дьон лыык курдук симсибит.
    П. Филиппов
  • Уот бастаан симиктик күөх, кыһыл, араҕас төлөнүнэн бургучуйан иһэн, улам тиллэ-күөдьүйэ умайбыта
    ХС

2 #

Барбах сырдаан, мөлтөхтүк, чаҕылхайа суохтук

Нууччалыы Тускло, неярко

3 #

Иһиллэр-иһиллибэт курдук кыратык, дорҕооно суохтук

Нууччалыы Негромко, тихо, слабо

  • Мариса симиттэн симиктик саҥарбыта Бурхалей сүрэҕин эбии эймэттэ.
    Эрилик Эристиин
  • Бастаан симиктик онтон улам күүһүрэн чугас ырыа иһилиннэ.
    А. Фёдоров
  • [Дьулустаан] байаанын кэтэн бастаан симиктик, онтон улам-улам улаатыннаран, ис-иһиттэн иэйиилээхтик оонньоон барда
    Э. Соколов

4 #

Килбиктик, сэмэйдик

Нууччалыы Застенчиво, робко, скромно

  • Миигин көрөөт, имин хаана кэйэ түспүтэ, симиктик, ол эрээри истиҥник мичээрдээбитинэн утары хаампыта.
    Далан
  • Уол -- аан аттыгар эмиэ дьулайбыттыы тохтуу түстэ, онтон симиктик туттан, түгэх киэҥ хоско киирдэ.
    Н. Габышев
  • Кини эмискэ сахалыы саҥарбыта - хайдах эрэ симиктик, куттаммыттыы, ол гынан баран ураты истиҥник
    В. Яковлев

«С» буукуба