ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

симик

даҕааһын

Нууччалыы бледный

English pale, dim

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Балаҕан симик уота Умуллан эрэрэ. Эллэй. Лаампа симик уотугар Элбэх оҕо тэтэрээтин Тыйыс хоту дойдуга Эн бэрэбиэркэлээтиҥ.
    И. Гоголев
  • Киирбит күн симик саһарҕата мырааны, Чочур мыраан чочумааһын үрдүнэн кытарымтыйар.
    Н. Габышев
  • Чаҕылхай уот киһи хараҕын сылатар, оттон симик уот киһини уоскутар, сырдык ыраны, кэрэ кэскили санатар
    И. Данилов

2 даҕааһын #

Мөлтөх, чаҕылхайа суох, барбах сырдыыр

Нууччалыы Тусклый, слабый, неяркий

3 даҕааһын #

Иһиллэр-иһиллибэт курдук кыра, дорҕооно суох

Нууччалыы Негромкий, тихий, слабый (звук, голос)

  • "Чэ, кини бардын", - диэтэ Иванов симик куолаһынан.
    Амма Аччыгыйа
  • Ааны ким эрэ сэрэнэн тоҥсуйда. Тоҥсуйара симигиттэн сэрэйдэххэ, баай-тот киһи буолбатах быһыылаах.
    И. Гоголев
  • Кэнники паартаттан биир оҕо "дорообо" диир симик саҥата иһилиннэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 даҕааһын #

Килбик, сэмэй

Нууччалыы Застенчивый, робкий, скромный

  • Килбик, симик бастакы таптал Бу дьону тыаҕа таһаарар.
    С. Данилов
  • Туоскун урут симик, саҥата суох, куруутун кэмчиэрийэн халты көрө сылдьар кыра, хара уол этэ.
    Н. Лугинов
  • Сахалар, мин билэрбинэн, бэйэлэрэ сүрдээх симик айылҕалаах дьон
    В. Яковлев

«С» буукуба