ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

симиэрт

аат тыл

Нууччалыы смерть, гибель

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, кэпс

  • Сыакаар, туох аанньа симиэрдинэн өлбүт буолаҥҥын үчүгэй сиргэ көмүллүөҕүҥ баарай.
    Күндэ
  • Сүр ыар батталга муҥнанаҥҥын, Бастыҥ симиэркэ эн өллүҥ! Эллэй. Ол курдук Мишка [эһэ оҕото] соҕотох биир күн муҥ кырата буоллаҕына икки төгүл өлөр симиэртэн куотта
    ХС

2 аат тыл #

Өлөр өлүү

Нууччалыы Смерть, гибель

3 аат тыл #

Өлүүнэн-өһүүнэн суоһуур куттал; суостаах өстөөх

Нууччалыы Опасность, грозящая смертью; грозный, опасный враг

  • "Охсуһумаҥ, бэриниҥ!" - диэн Уун-утары хаамта Биэс уон сиэлэр тимир симиэрт, Биэс уон тимир тааҥка.
    Баал Хабырыыс
  • Сылгыга саамай симиэрт - бу бөрө баар. "Кыым". "Баабыр симиэрдэ" диэн хос ааты кимнээҕэр да ордук элбэх баабыры өлөрбүтүн иһин ылбыт. В. Арсеньев (тылб.)

4 аат тыл #

үөхс. Киһи тыыныгар турааччы хара дьай, өлөрүөхсүт

Нууччалыы Смертоносная чёрная сила, убийца, душегуб. [Кулуутап:] Сиэри турар симиэрт, күлүмнэҕин, мин саҕаны сиэбитиҥ буолуо, сиэн кэбис, муҥнаама

  • [Дьэбдьиэ:] Дьэ, хайыыр эбиккин, симиэрт! Дьэ, туран мас була тахсаҕын дуу, суох дуу?
    Суорун Омоллоон
  • Ийэ сир туһа диэн Идэмэрдээх симиэртэри кытта Илбистээх охсуһууга киирсэрим. Доҕордоһуу т
  • Быстах симиэрт быстах былаҕай диэн курдук (көр быстах). Ол эрээри тоҕо мэник оҕо курдук быстах симиэрт айаҕар киирэн биэриэй?
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • [Киирик:] Оттон мин буоллаҕына, кырдьык, эһиги сидьиҥ илиигититтэн быстах симиэркэ былдьанаары турабын.
    С. Ефремов
  • Баар-суох эрэлбитин, икки улахан оҕобутун, быстах симиэрт, "ыспааҥка", былдьаан барда. КН ТДь

«С» буукуба