Перевод с якутского
симээ
туохтуур
Нууччалыы украшать, наряжать
1 туохтуур #
Туох эмэ киэргэлинэн киэргэт, киэргэли иил, ыйаа
Нууччалыы Украшать, наряжать
Кыыһы сир курдук симээтилэр, тап курдук таҥыннардылар. Саха фольк Кинини кытта түөрт аты симээн көмөллөр. Саха фольк [Харыйаны] араас өҥнөөх, дьиримнэһэ турар уоттарынан симээбиттэрэ түүҥҥү болуоссаты олус тупсарара
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Тугунан эмэ тупсар, кэрэтит
Нууччалыы Придавать кому-чему-л. нарядный, красивый вид
Күһүн көмүс дуйунан Сири симиир кэмигэр, Дьэҥкир курустаал буолан, Дьикти күннэр үүнэллэр. С. Данилов Үтүө сир чэлгийэр саадтарын Үйэлээх синньэ күөх симээтин. Күннүк Уурастыырап Сибэкки сири симиир. Оттон киһи дьолу түстүүр, олоҕу киэргэтэр ХС
3 туохтуур #
түөлбэ., харыс. т. Ымынахтан (куор, уоспа ыарыыттан)
Нууччалыы Покрываться сыпью (при кори, оспе)
Лэгиэ уонна Нарыйа харахтарын кыайан көрбөттөр, эттэрэ симээн иһэн, кэхтэн хаалбыт. В. Протодьяконов Уоспа харахпын симээн, көрбөт буолан, кэтит бэрэбээскинэн илиибин уонна атахпын кытаанахтык баайаннар, түлэс-балас сыппытым.
М. ГорькайСр. алт. чиме ‘резьба, украшение, насечка’