Перевод с якутского
сирэлий
туохтуур
Нууччалыы загораться, разгораться, раскаляться
1 туохтуур #
Күөдьүйэн, кытара умайан кэл (кыымы, уоттаах чоҕу этэргэ)
Нууччалыы Загораться, разгораться, раскаляться (об огне)
Хаары биир сиринэн тэтэркэй имнээн сирэлийэ сыппыт уоттаах чох ыраах көстөр этэ. Амма Аччыгыйа Кытара кыыһар кыһыл чох сирэлийэр. И. Гоголев Көмөр умулла-умулла сирэлийэн кэлэр Кыым
Өссө холобурдар (2)
Ордук уоттанан кэл (киһи хараҕын этэргэ). Θ Заблестеть, засверкать (о глазах). Маайа -- хараҕа түөрт кырыылана дьэрэлийэн, хара кыымнарынан сирэлийэргэ дылы этэ. Софр. Данилов. Арчикаан үөрэн көмүскэтин түгэҕэр түспүт харахтара уоттанан сирэлийэн кэлбиттэрэ. Далан Уотунан сирэлийбит харахтарынан дьону эргиччи көрдө М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Күөдьүй, ордук күүскэ билин (хол., туох эмэ санаа туһунан)
Нууччалыы Становиться явным, проявляться сильнее (напр., о какой-л. мысли). [Ол санааҕын] төһөнөн умна, сууйа-сото сатыыгын да, соччонон сирэлийэн, хата өссө эбии дириҥээн иһэргэ дылы буолар
Аны муусукаан, хампаһыытар буолар баҕа санаа сирэлийэр. ХС Өрт уотун көрдүгэнэ Хаһан эмэ син биир сүтэр, Оттон санаа көрдүгэнэ Сүрэххэ өр сирэлийэр ХС
3 туохтуур #
Улам өрө үүнэн муҥутаа эбэтэр силигилээн тупсан ис
Нууччалыы Достигать высокой степени расцвета, зрелости в росте, развитии
Күөх сирэм сирэлийэ долгуйда.
Суорун ОмоллоонБолот эбии буһан-хатан, сирэлийэ үүнэн истэ. Н. Заболоцкай Сарыал курдук тэтэркэй иминэн Дөлүһүөн уга сирэлийэр. Д. Дыдаев
Өссө холобурдар (1)
Кыратыгар сыппах, аҥала курдук оҕо хойут сирэлийэн тахсара диэн эмиэ баар буолааччы. ЧКС ОДьКИи. Ср. монг. сараҕул ‘светлый, ясный’