Перевод с якутского
сиэл
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы бежать рысью, рысить
English mane
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Ойуолаабакка, атахтаргынан олбу-солбу хардыылаан, түргэнник бар, айаннаа (ордук сылгыны этиллэр)
Нууччалыы Бежать рысью, рысить
Кинилэр [биэлээх кулун] иккиэн үөрдэрин диэки сиэлэ турдулар.
Суорун ОмоллоонКырдьаҕас ыт барар суолларынан сиэлэн нэмирийдэ. Амма Аччыгыйа Оҕонньор атын муоһатын хамсатарын кытта, ат сиэлэн атаралаабытынан барда Н. Якутскай
2 этии #
Этиилэр
Сииккэ сиэл, хаарга хаамп көр сиик
[Дарыбыан:] Былыр мин эмиэ оройбунан көрө сылдьарым саҕана, арыгынан утахтанан, хаартынан харахтанан сииккэ сиэлбит, хаарга хаампыт бэйэм. Н. Туобулаахап Ол сылдьан сииккэ сиэлбиттэрэ, хаарга хаампыттара үгүс ини. "Кыым". Ср. др. -тюрк. йел ‘скакать, мчаться; странствовать’, кирг. жел ‘бежать трусцой, лёгкой рысью’, тув. чэл ‘поезжай рысью’
3 аат тыл #
Сылгы уонна сорох кыыл саалыттан (моонньун үөһээ кырыытыттан) аллара намылыччы үүнэн түһэр кыл түүтэ
Нууччалыы Грива. Оҕустан охторгор муоһуттан тутус, аттан суулларгар сиэлиттэн харбаа (өс хоһ.). Ананий соноҕоһу сыҥааҕыттан тутан туран, сиэлин тараата. М. Доҕордуурап. Эбэтэ үрүҥ уонна хара өҥнөөх сылгы сиэлиттэн уһун ситии хатара. Г. Угаров
4 этии #
Нууччалыы Осока дернистая
Дулҕа сиэлэ - дулҕа төбөтүгэр үүнэр үкэр от Чөркөйүм төбөтүн оройунан дулҕа сиэлигэр батары түһэн, хамсаабакка сытара. Далан Ынахтар хаар анныттан тахсыбыт кур дулҕа сиэлин үргээн турдурҕаталлар. Н. Заболоцкай Сайын дулҕа сиэлин тиниктээн, Алдан кытылыгар оттообуппут. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. йал ‘грива, загривок’, каракалп. жал ’грива’, тув. чал ’грива’