Перевод с якутского
сиэмэ
аат тыл
Нууччалыы орган размножения у растений, семя
English seed
1 аат тыл #
Үүнээйи үөскээн-сайдан барар үөскэҕэ, туораах
Нууччалыы Орган размножения у растений, семя
Сиэмэтэ да суох үүнэр (тааб.: баттах). Айылҕа бары атын үүнээйилэрин курдук, хатыҥ эмиэ ханнык эмэ, быыкайык сиэмэттэн үүнэр буолуоҕа.
Суорун ОмоллоонБиир киилэ сиэмэттэн уон киилэ чээл-күөх кэнчээри үүнэн тахсыбыт! М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Атыыр харамай уонна эр киһи саҥа төрүөҕү үөскэтэр уллуруктаах убаҕаһа
Нууччалыы Вещество, из которого развиваются новые животные организмы, сперма
Гаврил Романович сиэмэни ылыммат ынахтарга оҕуһу туһанар. ПАК БЫа. Арыгы дьаата сиэмэ оҥоһуллар процеһын бэрээдэгин, онуоха туттуллар бэссэстибэлэр хаачыстыбаларын намтатар, ол түмүгэр эр киһиэхэ мөлтөх хаачыстыбалаах сиэмэ үөскээн тахсар. ТХХ АС. [Алыһар] атыыра - биир паара уһун сиэмэ үөскэтээччилээх. ББЕ З
3 аат тыл #
Туох эмэ үөскүүр төрдө
Нууччалыы Зародыш, источник чего-л
Күн уотуттан уһуктар Ырыам көмүс сиэмэтэ. С. Данилов Уоттаах төлөн тылларыҥ Сиэмэ буолан түспүттэрэ. П. Тобуруокап Ангелина Ивановна -- кэтээн көрөр, чинчийэр санаа сиэмэтин түһэрбитэ В. Гаврильева