Перевод с якутского
сиэмэлээ
туохтуур
Нууччалыы дать семена, обсеменять
1 туохтуур #
Сиэмэҕин түһэр, ыс (үүнээйини этэргэ)
Нууччалыы Дать семена, обсеменять
От сиэмэлээтэ, уһаата, хойунна. Н. Босиков Ханнык баҕарар үүнээйи ситтэҕинэ, сиэмэлээтэҕинэ, этэргэ дылы, -- эбиллэн-сытайан үүнэр буолуоҕа дии Н. Босиков
2 туохтуур #
Саптаран буолбакка, искусственнайдык буоһат (ынах сүөһүнү)
Нууччалыы Произвести осеменение, осеменять
Отделение техник-осеменатордара пиэрмэнэн үллэстэн үлэлээбэккэ, бииргэ сылдьан, түбэһиэх сиэмэлииллэр. "Кыым". Ынаҕы сиэмэлээбит кэннэ мааткатыттан хаан кэллэҕинэ, ыанньыксыттар ынах торбостообут диэн быһаараллар ВНФ ИБПҮ