Перевод с якутского
сиэнчэр
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы о скоте: происходящий от скрещивания двух разных пород
1 даҕааһын #
Булкаас хааннаах, икки тус-туһунан боруода холбоһуутуттан үөскээбит
Нууччалыы О скоте: происходящий от скрещивания двух разных пород
Эргиллэ түспүтэ, сиэнчэр хара тураҕас аттаах -- Халлай Хабырылла айаннатан дибдийэн иһэр эбит. Болот Боотур Сөптөөх усулуобуйаҕа турар ханнык баҕарар сиэнчэр ынах икки тыһыынча киилэттэн ордук үүтү биэрэр кыахтанна. ГНИ СҮөТ. Сиэнчэр табалар ордук тулуурдаахтар, сотору улааталлар уонна үчүгэйдик уойаллар ҮҮүДь
2 даҕааһын #
Нууччалыы хааннаах, сахалаах нууччаттан төрөөбүт
Нууччалыы Рождённый от смешанного брака (напр., якутов и русских)
Сиэнчэр оҕолор бары ыраас хааннаахтар, үчүгэй дьүһүннээхтэр. Болот Боотур Ол [уол] үрдүк, көнө уҥуохтаах, күөх харахтаах, ыраас сэбэрэлээх сиэнчэр уол этэ. Г. Угаров [Кизер] наһаа харата суох, биһиги диэки этэллэринэн сиэнчэр диэххэ сөбө дуу, - сүрдээх ис киирбэх уол. ПП ОА
Өссө холобурдар (3)
Бэйэбитигэр эмиэ аҕыйах сиэнчэрдэр бааллар. А. Фёдоров [Оҕустар] иккиэн сиэнчэрдэр: Абыдал - маҥнайгы, Боотур иккис сүһүөхтэр. Н. Заболоцкай Сүөһүлэрин боруодата иккиэннэрин киэнэ сэмэнтээл сиэнчэрдэр. "Кыым". Ср. бур. зээнсэр ‘правнук, правнучка (по дочери)’, кирг. жээнчэр ‘внучатый племянник или племянница (по женской линии)’
3 аат тыл #
суолт. Булкаас хааннаах, икки тус-туһунан боруода холбоһуутуттан үөскээбит сүөһү
Нууччалыы Скот, полученный от скрещивания двух разных пород, помесь