ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиҥэ

аат тыл

Нууччалыы молоко, разбавленное водой

1 аат тыл #

Үүттээх уу суурадаһына (үксүгэр ас астыырга тут-лар)

Нууччалыы Молоко, разбавленное водой (обычно употр. в приготовлении пищи)

  • Сылытыллыбыт сиҥэҕэ килиэп илитэн үҥүлүппүтүн, ыта тиҥсирийэн иһэн, сиргэммиттии киэр хайыста.
    Н. Борисов
  • Сэниэ ыалларбыт аһынан Сиҥэ бэрсэллэрэ үһү.
    Баал Хабырыыс
  • Үүтэ биллибэтэх сиҥэ курдук тулабыт туп-тунаархай
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Саас муус үрдүнэн халыйбыт түгэҕэр кыра хаардаах эбэтэр хаар былаастаах уу

Нууччалыы Вода, разлившаяся весной поверх льда или вода со снегом

  • Кыстык хаара сиҥэ буолан хаалла.
    С. Федотов
  • Чэмэлкэй күн хараарбыт сири, сиҥэ буолан сытар хаардаах ууну убуруур, күөрэгэй ыллыыр.
    Н. Босиков
  • Араҕас сиҥэни бокуойа суох кэһэн киллиргэттэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. шэнгэн ‘жидкий’, п. -монг. сингэн ‘жидкий, редкий’

«С» буукуба