ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

солбуй

туохтуур

Нууччалыы менять

English to change

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы менять

English to change (replace a tired or unusable horse with another)

  • аттары солбуй
    сменить лошадейto change horses

2 туохтуур #

Ким-туох эмэ оннугар буол, баар буол; ким-туох эмэ кэнниттэн кэл

Нууччалыы Быть, появиться взамен кого-чего-л., заменять кого-что-л

  • Түүннэри-күннэри солбуйаннар Ааһан истилэр хонуктар. Дьуон Дьаҥылы. Олоххо, холобур, туох да суох Уу, салгын иккини солбуйуох.
    ХС
  • Күөх сайыны солбуйан күүтүүлээх көмүс күһүн тиийэн кэллэ.
    ПНЕ СТ

3 туохтуур #

Ким эмэ эбээһинэһин толорон кини оннугар быстах үлэлээ, кини үлэтин толор

Нууччалыы Временно исполнять чьи-л. обязанности, замещать кого-л

  • Катерина Павловна -- бүгүн ыалдьыбыт бырааһы солбуйан, поликлиникаҕа ыарыһахтары көрдө.
    Н. Лугинов
  • Биир атыылааччы уоппускатыгар баран турар - ону солбуйуоҕа. Софр. Данилов. Тима үөрэххэ киирээри гыммытын холкуоһун салайааччылара, солбуйар киһини булбаккалар, көҥүллээбэтэхтэрэ.
    КНЗ ТС

4 этии #

Нууччалыы Местоимение

  • Солбуйар аат тыл үөр. - этиигэ аат тыл, даҕааһын уонна ахсаан аат суолтатын сүгэр, бэйэтэ тустаах суолтата суох саҥа чааһа Солбуйар аат туһаан араарыллан паузаланар эрэ түгэнигэр тириэнэн араарыллар. СТ С. Тардыылаах түһүктээһин солбуйар аакка киллэрэн, сыһыарыылаах солбуйар ааттар түһүктэниилэрэ диэн ааттаан суруйар. ВИП СТПС. Солбуйа тарт - тугу эмэ баайаргар быа икки төбөтүн түмүктүү баайбакка эрэ эрийэ тут, бобо тарт. Θ Крепко стянуть, закрутить, не связывая концы верёвок в узел. Элэйэн-элэйэн киил буолбут муос сүгэни ойуун кыаһааныгар солбуйа баайан кэбистилэр.
    П. Ойуунускай
  • Сеня -- курунан солбуйа тардан ылла да -- санныгар быраҕаат, хаама турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. монг. солбих ‘скрещивать, ставить крест-накрест’, тув. солуур ‘заменить, менять’

«С» буукуба