Перевод с якутского
солко
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы шёлк.
English silk
1 аат тыл #
Килэрийэн көстөр, кылааккай, киһи этигэр сыстыбат халтарыҥнас таҥас
Нууччалыы Шёлк. Кини -- санныттан тилэҕэр тиийэ суугунас солкону кэппит. А. Сыромятниква. Дьиэлээх тойон кытай солкото таҥастаах кырдьаҕас киһи эбит. Н. Павлов. Кытайдар солкону оҥорор ньымаларын чып кистэлэҥҥэ туталлара. КФП БАаДИ
Бу күн судаар ыраахтааҕы миэхэ наҕараада ыыппыт: күөх солко быалаах кыһыл көмүс мэтээли. Н. Неустроев Кыыс ньылыбырас солко былаата сиигирэн хаалла. Л. Попов Ойуулаах булууһатын солко курунан бобо курдаммыт С. Зверев
2 даҕааһын #
Оннук таҥастан оҥоһуллубут, тигиллибит
Нууччалыы Шёлковый
3 аат тыл #
Үксүн айылҕаны, айылҕа көстүүлэрин солкоҕо тэҥнээн хоһуйан этэргэ "кэрэ, нарын, кыраһыабай, чаҕылхай" диэн суолталаах туттуллар
Нууччалыы Обычно употребляется со значением "красивый, прекрасный, нежный, яркий" при воспевании природы, природных явлений
Тула өттүм тула күөх! Тунаар туйгун солко күөх! А. Абаҕыыныскай Сайылыкка халыйан, Солко буруо күөлгэ түһэр. Л. Попов Сиэдэрэй солко сибэкким Сиппит эбит, сэгэрдээр! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Соноҕоһум барахсан, Солко нуолур хонуунан субуруйан истэҕэ А. Бэрияк