Перевод с якутского
хаарыс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лёгкая шуршащая ткань, переливающаяся разными цветами, гарус
1 аат тыл #
Толбоннуран көстөр өҥнөөх, хамсаттахха суугунуу сылдьар чараас таҥас
Нууччалыы Лёгкая шуршащая ткань, переливающаяся разными цветами, гарус
Хоһоонноругар күлүмүрдээн Кыһыл көмүс элбэҕин, Суугунаан, тэлибирээн Хаарыс, солко дэлэгэйиэн. И. Гоголев Өкүүсэ бу турдаҕына Мааса кыыс солкоҕо сууланан, хаарыска хааллан, суугунаан кэллэ. Эрилик Эристиин Солконон суугунуур, хаарыһынан баарыстанар мааны дьахталлар манна бааллар эбит И. Федосеев
2 даҕааһын #
суолт. Хаарыстан тигиллибит, оҥоһуллубут
Нууччалыы Сшитый, изготовленный из гаруса, гарусный
Хаарыс хомуһуоллаах, үрүҥ көмүс курдаах, баттаҕа кыырыктыйан эрэр суон толуу киһи.
П. ОйуунускайСайыҥҥы оноолоох сону хаарыс таҥастан тигэллэр АЕЕ ӨҮОБ
3 этии #
Нууччалыы Лёгкий шуршащий шёлк, переливающийся разными цветами
Этиилэр
Хаарыс солко
толбоннуран көстөр өҥнөөх, хамсаттахха суугунуу сылдьар солко Куонаан биир сүөм кэтит хаарыс солко курунан хара билиис сонун бобо курданан кэбиспит.
Хаһан эрэ оонньуур-күлэр Хаарыс солко хонуубар Эдэр уолчаан кыыһын күүтэр, Эрэйдэнэр, сытар, турар. А. Бродников