Перевод с якутского
сор
сыһыат, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы несчастье; страдания, мучения, испытываемые кем-л
English very (quite, etc.)
1 аат тыл #
Киһиэхэ эрэйдээх-кыһалҕалаах быһыы, киһи эрэйдэнэр туруга
Нууччалыы Несчастье; страдания, мучения, испытываемые кем-л
Дьол сор икки киһини кытта тэҥҥэ сылдьаллар (өс хоһ.). Билигин мин дьол туһунан таҥараҕа тиксэр кэриэтэ санаан ааһабын. Оттон сору хас хардыым аайы көрсөбүн. М. Доҕордуурап "Бу туох айыыбар сорго түбэһэн эрэбин?" - дии-дии, Сөдүөччүйэ ытамньыйда М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы Несчастный, преследуемый несчастьем
суолт. сордоох диэн курдук. Саха боруодата диэн кырата-куйата, ааста эрэ диэн эмиэ сор сүөһү этэ.
Н. ЛугиновСубу сор олох Сотору сууллуо! Эллэй. Бүгүҥҥү оркестр сөҥ, толуу дорҕоонун, Бүрүөһүн литавра бүтэй охсуутун Дьүөрэлии өйдөөҥ дуу, эһиги ыччаттар, Дьүдьэх, сор олохтоох өбүгэм ынчыгар. В. Сивцев Сор суоллаах - эрэйдээх-кыһалҕалаах олохтоох; дьоло суох Сииккэ сиэлбит, хараҥаны ытыспыт сор суоллаах, уһун муҥнаах мин буоллум. С. Зверев
Өссө холобурдар (12)
Сол курдук, сур бөрө сокуона сокуоннаах, Сор суоллаах олоххо олоорпут биһиги. С. Васильев "Сор суоллаахтар, биирдэ күөх окко үктэммэккэ, күнтэн сүтэрбит буолуо", - диэтэ Сөдүөччүйэ. М. Доҕордуурап Сор суолланна - быстах өлүүгэ өллө. Θ Погибнуть, умереть преждевременно (обычно от несчастного случая). Суолтан тэйиччи, сыгынньах кырдалга, Сор суолламмыт хаһан эрэ көмүллүбүт. С. Тарасов Дьахтар бурдук ыһыыта бүтэрин аҕай кытта эмиэ сор суолламмыта. И. Никифоров 1953 с. атырдьах ыйыгар кини [Бобков] эмиэ сор суолламмыта: ууга түһэн өлбүтэ. ХС Сорун (сор хаанын) сордоо - кими эрэ эрэйгэ тэп, улаханнык эрэйдээ-муҥнаа. Θ Мучить кого-л., причинять страдания кому-л. "Аат сүөһүтэ сорбун сордоон да эрэр!" - диэн ботугураабытынан, Микиитэ ынах кэнниттэн сүүрдэ. Амма Аччыгыйа Кини миигин куруутун ыстырыыстыыр, сорбун сордуур этэ. Н. Якутскай Кыра сылдьан иринньэҕэ, ыарыһаҕа - сор хааммын сордообута. В. Титов Тоҕус сорунан - элбэх күүскүн, сыраҕын биэрэн туран, олус эрэйдэнэн. Θ С горем пополам, с грехом пополам. Атаҕым батыллыбытын тоҕус сорунан ороон, эмиэ сыылан истим. М. Доҕордуурап Куоһарыы [киһи аата] тоҕус сорунан чаанньык эрэ өрөрө. Н. Босиков Тоҥуу хаарынан бэрт бытааннык, ыарыыбын тулуйа-тулуйа тоҕус сорунан сыылан, түүнү быһа айаннаан, халлаан сырдыыта санчааһы буллум. И. Сосин Ср. уйг. шор ‘несчастье, судьба, доля, участь’, бур. шоро ‘беда’, алт. шор ‘неудача’