Перевод с якутского
сорудах
аат тыл
Нууччалыы задание, поручение
1 аат тыл #
Кимиэхэ эмэ толороругар, оҥороругар бэриллэр сорук
Нууччалыы Задание, поручение
Бары сорудахтарга үксүн бэйэтэ тылланан сылдьар үгэстээх киһи. Амма Аччыгыйа Мин манна кэлбит сорудахпынан, маннааҕы олохтоохтор тылларын, уус-уран айымньыларын туһунан сураһан тахсабын. Н. Заболоцкай Кини ийэтин сорудаҕын хаһан да төттөрү эппэтэ
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
Булгуччу туолуохтаах дьаһал, бирикээс. Θ Указание, подлежащее неукоснительному исполнению, приказ. Былаан диэн судаарыстыба сорудаҕа. Ону толорторуу да үрдүк чиэс.
Н. ЛугиновХамандыыр сорудаҕа Хайаан да туолуохтаах. Баал Хабырыыс [Пистолет:] Табаарыс, Саввин, эн сорудаххын толордум! С. Ефремов Ол тааҥканы суох оҥорор сорудах Иван Кононов диэн киһи биһиэхэ тиксибитэ М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Оҥоһуллуохтаах, туолуохтаах сорук, былаан
Нууччалыы План предстоящих для выполнения работ
Быйыл сорудахтара улаатта: сопхуос хортуоппуй ыһыытын биир эрэ сиргэ - киин учаастакка түмэн, Иван Баянов сибэниэтигэр аҕыс уон гектары бүтүннүүтүн сүктэрдэ. П. Егоров Ыччат, эн эдэр санныгар, Сүгүллэр элбэх сорудах. Д. Васильев Саарбаһыт булчуттар уопуттара көрдөрөрүнэн, саарбаны бултааһын сезоннааҕы сорудаҕын барытын сыһа толоруохха сөп. ТВ
3 аат тыл #
Толкуйдаан, суоттаан быһаарыллыахтаах, оҥоһуллуохтаах эрчиллии, садаача (хол., оскуола үөрэҕэр)
Нууччалыы Задание, задача (напр., в школьном обучении). [Учуутал уруокка] аралдьыйбыттары кэмигэр буойталыахтаах, мөлтөхтөргө көмөлөһүөхтээх, эрдэ бүппүттэргэ эбии сорудах биэриэхтээх
Хонтуруолунай дьыктааҥҥа бэлэмнэниҥ, маннык ыйытыыларга эппиэттээҥ, сорудахтары толоруҥ. ПНЕ СТ. Ыйытыылар уонна сорудахтар сүнньүлэринэн учуутал айымньы ис хоһоонун бэйэтэ кэпсиир. СЛСПҮ О. Ср др. – тюрк. йарлыҕ ‘повеление, предписание, приказ’