Перевод с якутского
сотун
туохтуур
Нууччалыы вытираться, обтираться
1 туохтуур #
Тугунан эмэ сотон этиҥ инчэҕэйин куурт эбэтэр туох эмэ биһиллибитин ыраастаан, суох гын
Нууччалыы Вытираться, обтираться
Хараҕын уутун соттон оту-маһы көрөн, санаата арыыйда дьэҥкэрдэ.
П. ОйуунускайСонун ис сиэбиттэн ыраас былааты сулбу тардан ылан, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотунна. П. Филиппов "Манан сотун", – дии-дии Сергей Иванович ыраас соттору ууммута Ф. Софронов
2 туохтуур #
Тугунан эмэ биһин, оҕунуохтан
Нууччалыы Мазаться, натираться чем-л
Кыргыттар, уоскутун тоҕо Кыраасканан соттунаҕыт? Күннүк Уурастыырап Оҕо кырааскаламмат баҕайыта. Улааттаххына соттоор дуу. Сөп дуо? М. Попов Искэ иһэр боросуоктар, Таска соттор араас маастар Наадыйыыны толорботтор ХС
3 этии #
Нууччалыы Утешиться чем-л. в своём горе; восполнить чем-л. свою потерю
Этиилэр
Илиитин (ытыһын) сотунна көр илии
Кини кэргэнинээн хас да оҕону көмөн, ытыстарын соттон олороллоро. Н. Якутскай Соҕотох ынахтарыттан ытыһын соттуон санаата буолбат быһыылааҕа. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Дьэ ити курдук үйэлэрин тухары ииппит-харайбыт табаларыттан соҕотохто матан, -- ытыстарын соттон хаалбыттара. ХС
Тумсун дулҕаҕа соттор көр дулҕа
Тумсугун дулҕаҕа соттума: дьуккуруйуо (өс хоһ.). Мин эйигин уопсайынан дьорҕоот киһи дии саныырым ээ. Онон тумсугун дулҕаҕа сотторуҥ сатаммат ини.
Н. ЛугиновТумсугун дулҕаҕа соттума, мин билэбин. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Хараҕын уутун сотунна - улахан аһыылаах сүтүктэнэн, хоромньуланан эбэтэр сыаналаахтан матан баран, тугунан эмэ санаатын манньытар, уҕарытар Тэрэнтэй итинэн хараҕын уутун соттон, санаата арыый чэпчээн, төттөрү устан чалымнатан испит. М. Чооруоһап