Перевод с якутского
суун
туохтуур
Нууччалыы мыться
English to wash oneself, to bathe oneself
1 этии #
сууй диэнтэн бэй. туһ. [Айыы бухатыыра:] "Кырдьык даҕаны, айыы аймаҕыттан, күн улууһуттан түспүтүм тухары биирдэ да сууна иликпин... " – дии санаата. Ньургун Боотур. Сөдүөччүйэ сирэйин суунан, былаатынан сотунна. Амма Аччыгыйа Кыталыктаах киэҥ хонуута суунан, чэбдигирэн хаалбыт курдуга. А. Сыромятникова
Этиилэр
Хаанынан суун (суунаҕалан) көр хаан
Соллоҥноох аймаҕын буулдьата Сахаарап хаанынан сууммута. Күннүк Уурастыырап Күбүрүнээтэр Неустроевы анныгар баттыыр, кини хаанынан суунар хара санаатын мүнүүтэҕэ да халбаҥнаппатаҕа. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Хойутун хойут даҕаны Субай хаанынан Суунаҕаланар содуомнаах күннэргэр Дьолгун-соргун тосхойо туруохпут. П. Ядрихинскай
2 этии #
Нууччалыы Ванная комната, место для умывания
Этиилэр
Суунар сир
дьиэ иһигэр эбэтэр таһыгар суунар уулаах, тээбириннээх анал хос, муннук Веста -- түргэн баҕайытык суунар сиргэ киирэн, хатанан кэбистэ.
И. Попова.
Хараҕыҥ уутунан суун көр харах
Хара бараан түүҥҥэ Хараҕым уутунан суунан Уолуйан-куттанан Уһуктан кэлбитим.
П. ОйуунускайЭн тускар ийэҥ төһөлөөх сордоммута, хараҕын уутунан сууммута буолуой? П. Аввакумов
Өссө холобурдар (2)
Дьиэлээх киһи өлбүтүн кэннэ, кэргэнэ ытаан-соҥоон, хараҕын уутунан сууммута. И. Никифоров Хак. чуун, каракалп. жуйыныу, ДТС чун, йун