Перевод с якутского
сууй
туохтуур
Нууччалыы мыть, смывать грязь, очищать что-л. от грязи при помощи воды, умывать
English to wash, to bathe
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Уунан эбэтэр атын убаҕаһынан ким-туох эмэ кирин ыыт эбэтэр ордук-хоһу, наадата суоҕун суох гын, ыраастаа
Нууччалыы Мыть, смывать грязь, очищать что-л. от грязи при помощи воды, умывать
Микиитэни бу мыыланан ып-ыраас гына сууйан-сууйан баран, бу эминэн уҥунуохтаан кэбистэххэ, ымынаҕа биир нэдиэлэ иһинэн хатырык курдук хастанан түһэн хаалыаҕа. Амма Аччыгыйа Ыраас уутунан уолаттарын тириппит көлөһүннэрин кытары харахтарын уутун сууйа сотон ылбыта.
Н. ЛугиновАся иһит сууйар, Кеша сотор, ыскаапка уурар Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Мыылалаах эбэтэр бороһуоктаах ууга уган баран, таҥас кирин ыыт, ыраастаа. Θ Стирать. Даайа тэлгэһэҕэ сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар эбит. Софр. Данилов. Маайа сууйбут таҥаһын уутун ыган мускуйар. Н. Якутскай Саҥа дьиэһит кыыһы булбутум -- оннооҕор таҥаспын сатаан сууйбат М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Саа уоһун ыраастаа
Нууччалыы Чистить ствол ружья
Кини саҥатыгар уонна саатын сууйарыгар тартаран олорор буолан ураһа чэпчэки аана аһыллыбытын, таһыттан киһи киирбитин билбэтэ. Т. Сметанин Кини кэргэнэ тимир оһох суоһугар оҕунуохтаах байыаннай саалары сылыта-сылыта сууйар. С. Васильев [Ыстапаан Саабыс] күһүн булка барарыгар оҥостон, сайыны быһа саатын сууй да сууй, арыынан оҕунуохтаа да оҕунуохтаа буолла. КФА СБ
3 туохтуур #
Улахан көһөҥө таастан эбэтэр кумахтан көмүһү, күндү тааһы (хол., алмааһы) уунан сууйан арааран ыл
Нууччалыы Промывать, мыть, намывать (напр., алмазы, золото)
Үчүгэй көмүстээх сир буоллаҕына, ортотунан күҥҥэ баччалыы солуотунньугу сууйдун... Оччоҕо... бачча буолуохтаах.
Суорун ОмоллоонҮрүйэ үрдүгэр түөрт киһи туорай мастаах уһун ураҕаһынан кыллыгыраччы уста турар ууну булкуйаллар. Ити кинилэр көмүс сууйар быһыылара. Н. Якутскай Иирэлээххэ дыраагалар бытархай алмааһы сууйаллар И. Данилов
4 туохтуур #
Туох эмэ үөрүүлээх, бэлиэ түгэни ас тардан, арыгы иһэн бэлиэтээ
Нууччалыы Отмечать какое-л. знаменательное событие застольем, обмывать
Чэйиҥ, турумаҥ, көрсүһүүнү сууйуоҕуҥ.
Н. ЛугиновХас даҕаны уолаттар Хамнас кэлтин сууйаары Арыгыны хото ылбыттар. В. Гольдеров Бириһиэни тэлгэтэн маҥнайгы бултарын сууйан үөрэ-көтө аһыы, күлэ-сала араас көрүдьүөһү сэһэргэһэ олордулар В. Протодьяконов
5 этии #
Нууччалыы Искупить вину чем-л., вернуть доброе имя
Этиилэр
Айыыны (буруйу) сууй
куһаҕан дьайыыны, ыар буруйу оҥорбуккун тугунан эмэ боруостаа, үтүө ааккын төнүннэр Хайдах гынаммын хараҥа буруйбун сууйуомуй мин сордоох...
Былаҕачыыннай добдугураччы ботугураан, айыыны сууйар мэлииппэни ааҕара иһиллэрэ. Л. Попов
Суобаскын сууй
түктэри быһыылан.
Потерять совесть.
[Арыгы] -- Чиэһи ситэн туран киттитэр, Суобаһы суудайан туран сууйар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйНьукулай Баһылайабыс -- киһи аатын алдьатар, суобаһын сууйар кумааҕыны кыратык да илиитэ салҕалаан көрбөккө бооччойооччу буолбатах. Эрчимэн. Хотуой, ол-бу буолан кубулунан, Хомсу-имси туттан, Суобаһы сууйума, Ааты алдьатыма. П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (3)
(Аатын алдьат) сураҕын сууй көр аат I. Баҕыста сытыйбыт сирэйгин быһыта сынньаммын ааккын алдьатыам, сураххын сууйуом. Амма Аччыгыйа Илин эҥээр ааттааҕа Сынаҕы баай -- Бүгүн мин суон сурахпын Сууйаары Ол алта маҥан туос ураһанан Айгыстан түһэн олорор. И. Гоголев Эт мэйиилээхтэр эриэккэстэрэ Эҥсиллэн кэлэннэр, Албан ааппын алдьаттылар, Суон сурахпын сууйдулар. С. Зверев
Сыатын сууйа илик
кыһын мунньуммут сыатын сүтэрэ, ыра-дьүдэйэ илик (кыыл туһунан).
Не успел растерять накопленный за зиму жир (о звере).
Эрдэтээҕи, сыатын сууйа илик кыыл, эмискэ бала түһүммэккэ, тохтуу-тохтуу уһаарар буоллаҕына, үөтэлээн хотторооччута суох буолааччы. В. Яковлев тииһиҥ сааҕын сууйума көр миигинэн. Тииһиҥ сааҕын сууйа олорума, оҥор диэбити оҥор! А. Софронов
Өссө холобурдар (5)
Оттон таах тииһиҥ сааҕын сууйан ыйыппат, истээри сүбэлэтэр буоллаххына, сүбэлиэм даҕаны.
Суорун ОмоллоонТөһө да быыпсай буолларгын миигинэн тииһиҥ сааҕын сууйума. Болот Боотур хаанынан сууй – элбэх киһини өлөр, бааһырт. соотв. быть по локоть в крови. Бандьыыт саллааттара -- бар дьон кыа хааныгар илиилэрин сууйбуттарын туһунан Охоноос ыллыыр. Амма Аччыгыйа Кулаактар Сэбиэскэй дойдуну Баттаммыт хаанынан сууйдулар. Эрилик Эристиин ДТС, тюрк. йу, чуг, чу