ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суут

аат тыл

Нууччалыы суд

English court

1 аат тыл #

Биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр мөккүөрдэрин быһаарар эбэтэр холуобунай дьыаланы көрөн дьүүллүүр анал тэрилтэ

Нууччалыы Суд (государственный орган)

  • Өлөрүү, уоруу, талыы, албын суох буолан, дьүүллүүр суут, хаайыы сабыллыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • [Суруксут:] Суут ыйааҕынан сылдьар киһибин, баҕа өттүбүнэн кэлбэтэҕим диир.
    А. Сыромятникова
  • Суутунан да быһаарыллыбыт дьыала тута төлөнөр буолбатах
    Кыым
Өссө холобурдар (4)
  • Ким-туох эмэ буруйданар дьыалатын суут тэрилтэтэ көрүүтэ. Θ Разбирательство дела судебным органом, судебное разбирательство. "Хата суут ортотугар аахсыахпыт", – диэн саныырга дылы гыммыта.
    А. Софронов
  • Махсыын -- Саппырыан оҕонньору кытта үйэтигэр хайдах биирдэ иирсибитин, кинини тоҕо охсубутун уонна суукка хайдах сылдьыбытын туһунан сиһилии кэпсээтэ.
    А. Бэрияк
  • Суукка ыҥырыллыбыт туоһулар саалаттан таһаарыллыбыттарын кэннэ, бэрэссэдээтэллээччи "буруйдуур түмүгү" аахпыта
    М. Попов
  • Дьыаланы көрөр судьуйалар (хом. суолт.). Θ Судьи. Түмүк уураах ылына атын хоско тахсыбыт суут тардылынна
    П. Филиппов

2 аат тыл #

Үлэ ханнык эмэ көрүҥүнэн дьарыктанар эбэтэр салайар тэрилтэ

Нууччалыы Учреждение, организация

  • Аныгы суут аатын киһи сатаан да ааттаабат ээ... Өрөкүөм... Урукку сууттар ааттара судургу буолара.
    А. Софронов
  • Кырдьык, кини уола үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, куоракка балык харыстабылын суутугар саҥардыы үлэлээн эрэрэ. Сэмээр Баһылай. Ону [таастары] кини куоракка тааһы үөрэтэр суукка киллэрэн биэрбитэ
    С. Ефремов

3 этии #

Нууччалыы Народный суд

  • Норуодунай суут истор. – биирдиилээн дьон мөккүөрүн быһаарар алын сүһүөх суут Дьэ онон хос аатыттан өһүргэнэн алдьархайга түбэспит Махсыын -- ыйдарыы бөҕөнөн норуодунай суут дьиэтин булбута.
    А. Бэрияк
  • [Костя Светланаҕа:] Эн иннигэр хас да хонукка оройуоҥҥа киирэн норуодунай суукка сырыттым.
    И. Находкин
  • Табаарыстыы суут истор. – уопсастыбаннас буруйдааҕы холуобунай дьыалаҕа тардыбакка сэмэлиир суута. Θ Товарищеский суд. Табаарыстыы тыйыс суукка Киристэпиэл ырытыллар, Ол ынырык суостаах чааска Киристэпиэл ытамньыйар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Бу ас [арыгы] содула элбээн истэ, араас оһолго, иирсээннэргэ түбэһитэлээтим -- табаарыстыы суукка тиийэ буруйдана сырыттым. ПДИ КК. Хомуньуус Андросов Роман Егорович табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.
    ПДН ТБКЭ

«С» буукуба