Перевод с якутского
суһал
даҕааһын
Нууччалыы срочный
English urgent
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Суһал киһи суола биллибэт үһү (тааб.: тыы). Эн байанайдаах тыаларгар мин киирэбин, Соргубар эрэнэ, суһал хаамыынан. С. Данилов Киһи туттара-хаптара суһал, тугу эрэ кытта эккирэтиһэр курдук Н. Абыйчанин
2 даҕааһын #
Түргэн тэтимнээх, сыыдам
Нууччалыы Быстрый, стремительный, скорый
3 даҕааһын #
Тута оҥоһуллуохтаах, ыксаллаах (уталытыллара, көһөрүллэрэ табыллыбат)
Нууччалыы Надлежащий быстрому исполнению, срочный
Онтон салгыы "кыстык бэлэмэ" диэн суһал соруктар туруохтара. Амма Аччыгыйа Үһүс күнэ үүнүүтүгэр Үҥсүү киирдэ – кэллин диэннэр, Сугулаантан Налбыһахха Суһал илдьит ыыппыттар. Күннүк Уурастыырап Ыраах суртан оройуон киинигэр суһал биллэрии кэллэ: табалар ыалдьыбыттар И. Данилов
4 этии #
Нууччалыы Скорая помощь
Этиилэр
Суһал көмө
ыарахан ыарыһахха эбэтэр оһолго түбэспит киһиэхэ эмчиттэр тута оҥорор көмөлөрө Эргиэн үлэһитэ Сааба Сатыырап иһинэн ыарыйда. Суһал көмө массыынатынан тиэйэн тирилэтэн балыыһаҕа аҕаллылар. Софр. Данилов. Муокас ыарыы булан бу Моһуоктаата быһыылаах. "Суһал көмө" бырааһын Субу булар наадалаах! М. Ефимов. Ан-2 суһал көмөнү оҥорууга, итини тэҥэ ойуур баһаардарын умулларыыга туһаныллар. "Кыым". Суһал ыҥырыылаах истор. – туох эмэ түбэлтэттэн сылтаан эбэтэр анаан биирдэ эрэ ыҥырыллар (мунньах).
Чрезвычайный, чрезвычайного созыва (собрание).
Брестээҕи эйэ дуогабарын Сэбиэттэр бүтүн Арассыыйатааҕы суһал ыҥырыылаах °°°төрдүс сийиэстэригэр ратификациялыы охсор наада үөскээбитэ. ФММ ДьКС. Сити күн сарсыарда РК(б)П обкомун суһал ыҥырыылаах пленума буолбута. "Кыым"