ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыгым

даҕааһын

Нууччалыы недостаточный, тесный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ыгым миэстэ. Элбэх киһиэхэ ыгым хос буолсу. Ыгым суол эбит: икки массыына утарыта аасыһыа суох
  • Ыга тутар, кээмэйинэн кыра (хол., кэтэр таҥас туһунан). Θ Слишком плотно прилегающий, меньший, чем нужно, по размеру (напр., об одежде). Ыгым ырбаахы. Ыгым маайка. Ыгым бачыыҥка

2 даҕааһын #

Туох эмэ холкутук турарыгар эбэтэр ким эмэ кыбыллыбакка көҥүллүк сылдьарыгар сөбө суох, кыараҕас

Нууччалыы Недостаточный, тесный; узкий (о пространстве)

3 даҕааһын #

Кыраттан да түргэнник кыыһырар, кыыһырымтаҕай, кыараҕас көҕүстээх; киҥнээх

Нууччалыы Способный вспылить из-за пустяков, раздражительный, вспыльчивый

  • Хабырыыс, бэйэтэ ыгым майгылаах киһи, ыга кыыһырбыт.
  • Иккис итэҕэһим – ыгым соҕуспун. Кыраттан өһүргэнэбин.
    ХС
  • Дьахтар. Санаатыгар эрэмньитэ суох. Олус ыгым, киҥнээх. Этиһиик
    Чолбон

4 даҕааһын #

Бэрт ыксаллаах, суһаллык толоруллуохтаах, тиэтэллээх

Нууччалыы Срочный, неотложный

  • Эчи бараллара да ыгыма, тиэтэлэ бэрт буолла.
    Болот Боотур
  • "Кэпсээниҥ, киирбит киһи? Ханнык ыгым наадаҕа Хараҥа түүн харахтанныҥ?" – Оһох кэннин хасыһа-хасыһа, Оҕонньор ээр-сэмээр ыйытта.
    ХС
  • Биир өттүнэн, ол ыксаллаах, ыгым, атын өттүнэн бириэмэни сиир, түмүгэ көстүбэт "көдьүүһэ суох" үлэ этэ
    УДь

«Ы» буукуба