ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыакаар

аат тыл

Нууччалыы подлец, негодяй

аат тыл

, үөхс. Сидьиҥ, олус куһаҕан киһи

Нууччалыы Подлец, негодяй

  • Мөһөөҕү тугунан төлөөрү гынар сыакаарый бу! "Мөһөөх" диэни эн билэҕин дуо, акаарыа!
    Амма Аччыгыйа
  • Суолбун биир хара санаалаах солообут да, мин да кинини хаһан эмэ билэр баҕайым ини – туома уҥа атаҕын тойон эрбэҕэ суох сыакаар эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Сыакаар, дьиэҕэр куобах курдук куотан кэлэн баран, миигин үөҕэ олорор эбиккин дии!
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. карач. -балк. сылхыр ‘идиот (в бранном значении)’

«С» буукуба