Перевод с якутского
сыбаа
туохтуур
Нууччалыы покрыть что-л. чем-л. липким, вязким, обмазать
1 туохтуур #
Туох эмэ таһын сыстаҥнас тугунан эмэ сыһыаран бүрүй
Нууччалыы Покрыть что-л. чем-л. липким, вязким, обмазать
Мотуруона оһоҕун сыбаабыта. Күннүк Уурастыырап Уолаттар хотон кур сыбаҕын кууллаан, чохчолуу-чохчолуу уматаллар, дьахталлар хотон сыбыыллар.
КүндэТааһы туойунан сыбаан, оһох оҥорон бараннар, иһигэр мас чоҕун уонна тимир уруудатын куталлара КФП БАаДИ
2 туохтуур #
Илиигинэн имитэн, таптайан, имэрийэн-томоруйан тугу эмэ оҥор (хол., туойтан, быластылыынтан)
Нууччалыы Лепить что-л. (напр., из глины, пластилина)
Валентин Серов эмиэ үс саастааҕар туойтан араас оонньуурдары сыбаан оҥороро. ОАП ОДьТС. Ханнык баҕарар фигура туох баар быһыытын-таһаатын, сабардамын толору көрдөрөр скульптурнай үлэлэри таптайан, сыбаан, кыһан, чочуйан лоппоҕор гына оҥоруллар. ПСН УТС. Итини тэҥэ оҕо буорунан сыбаан, эрбиинэн эрбээн, тигэн ону-маны айа сатыырын өйүөххэ. Дьиэ к. Ср. ДТС сува, туркм. сувамак ‘обмазывать, намазывать, штукатурить’, узб. сувамок ‘штукатурить’, монг. шавах ‘обмазывать’