Перевод с якутского
сыламнаа
туохтуур
Нууччалыы греться на солнце, нежиться в тепле от солнца
1 туохтуур #
Күн эбэтэр уот сылааһыгар итин, нуктаа
Нууччалыы Греться на солнце, нежиться в тепле от солнца
Баһылай олбуор иһигэр кыстаммыт бэрэбинэлэргэ тахсан сыламнаан олорор эбит. Амма Аччыгыйа Ити кэнниттэн күөх кырыска олорон кинилэр [уол эбэтинээн] арыылаах быырпаҕы иһэ-иһэ, күн уотугар сыламныыллара, чыычаах ырыатын, кэҕэ этэрин, күөх тыа суугунун иһиллииллэрэ. Г. Угаров Оҕолор сөтүөлүүр сиргэ күн уотугар сыламныыллар СМН АҮө
2 туохтуур #
Сылаанньый; сылааһынан угуттаа
Нууччалыы Становиться мягким, ласковым; согревать своим теплом
Уоскуй, доҕоруом, уоскуй... Биһиэхэ да үрүҥ күн сылаас уотугар сыламныыр олох кэлиэҕэ. М. Доҕордуурап Норуот айар, уһанар. Ол норуокка бэйэтигэр ананар, Үрдүк үөрүүнэн сыламныыр, Үрүҥ күннүү айхаллыыр. С. Васильев Сибэкки сытын тыал аҕалла Сыламныы наскыйбыт алаастан Д. Апросимов