Перевод с якутского
сылам
аат тыл
Нууччалыы тепло, которое согревает кого-что-л
аат тыл
Сылаанньыта ититэр, угуттуур туох эмэ сылааһа
Нууччалыы Тепло, которое согревает кого-что-л
Былыт аастаҕына, сайыҥҥы күн уота туундараны бүтүннүүтүн биирдэ сырдык сыламынан кууһарын курдук, Кирилл олоҕун Нариччаан угуттаабыта. Н. Габышев Дьиэҕэ киирэн мин иттиэм Күөдьүппүт көмүлүөкпэр, Уонна нуктуу нухарыйыам Уотум сылаас сыламар. С. Данилов Унаар күн сыламыгар Уу дьирбии долгунугар Өрө көтө оонньууллар Үрүҥ көмүс балыктар. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Ср. чув. чулам ‘огонь’